Хотуттан сылдьар устудьуоннары эҕэрдэлээтилэр
А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Дьокуускайга хотуттан быйыл үрдүк уонна орто анал үөрэх кыһаларыгар киирбит оҕолорго тэрээһин ыытылынна. Бу туһунан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Тэрээһини А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин уонна СӨ хотугу аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар Ассоциацияларын өйөбүллэринэн, бу Ассоциация ыччакка сэбиэтэ тэрийдэ. Умнуллубат долгутуулаах тэрээһин түһүлгэтигэр мустубут бастакы куурус оҕолорун СӨ хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар Ассоциацияларын вице-бэрэсидьиэнэ Вячеслав Шадрин, норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин национальнай култуураларга киинин КМНС секторын салайар Ольга Охлопкова, Ассоциация сэбиэтин (КМНС) урукку бэрэссэдээтэлэ Михаил Кривошапкин уонна билигин салайар бэрэссэдээтэл Александр Громов эҕэрдэлээтилэр. Бу күн ыччат VII сугулаанын кыттыылаахтара Августин Слепцов, Сахайаана Стручкова, Айал Прокопьев устудьуоннарга истиҥ тылларын тиэртилэр.
Дьоро күн ыччаттарга аналлаах трениннэр, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарар оонньуулар, күрэхтэһиилэр сэргэхтик ыытылыннылар.
Кэтэһиилээх, үөрүүлээх тэрээһини Василий Старостин — Мэнун салайааччылаах «Айулна» үҥкүү ансаамыла, Илларион Садовников, Дмитрий Харитонов, Августин Слепцов, Анастасия Куличкина салайааччылаах «Гиркилэн» фольклор ансаамбыла, Татьяна Балаганчик, Күндүмэн Андросов, уо.д.а. ырыанан-үҥкүүнэн ситэрэн-хоторон, киэргэтэн биэрдилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: