Салгыы
Идэлээх сойуус эн быраапкын көмүскүүр

Идэлээх сойуус эн быраапкын көмүскүүр

11.12.2023, 10:51
Хаартыска: идэлээх сойуус пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Сэтинньи бүтүүтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үлэһиттэрин идэлээх сойууһун рескома тэриллибитэ 70 сыла бэлиэтэннэ.
Идэлээх сойуус өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрилтэтин бастакы бэрэссэдээтэлинэн Василий Тимофеев талыллыбыта, онтон араас сылларга Иван Архипов, Николай Жондоров, Степан Татаринов, Игорь Дмитриев уонна Данил Николаев үлэлээбиттэрэ. Билигин бэрэссэдээтэлинэн СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Анастасия Ивановна Самсонова иккис болдьоххо талыллан үлэлиир.

Орто Халыма улууһун оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Анастасия оскуоланы бүтэрэр эксээмэннэрин туттарар кэмэ тиийэн кэлбитэ. Устуоруйа биридимиэтин эксээмэнигэр идэлээх сойуус туһунан ыйытыы кэлбитэ. Идэлээх сойуус туһунан бигэ билиитэ суох оскуола үөрэнээччитэ ыксаан ылбыта. Ол эрэн, дьүөгэтэ рабочкомҥа үлэлиир аҕатын туһунан кэпсээнин уонна кини аҕатыгар үлэтигэр киирэ сылдьалларын саныы биэрээт, төһө удумаҕалатарынан кэпсээн биэрэн, «4» сыананы ылан, үөрэн-көтөн тахсыбыта. Оччолорго оскуоланы бүтэрээри сылдьар эдэркээн кыыс инники олоҕо идэлээх сойууһу кытары алтыһыннарыан, бу эйгэҕэ олоҕун аныан туһунан санаан да көрбөтөҕө биллэр. Дьиҥэр, Анастасия Ивановна үлэһит дьон быраабын көмүскүүр, кинилэр олохторун тупсарар туһугар үлэҕэ айана ити күнтэн ыла саҕаламмыт эбит.
Аан бастаан Орто Халыма улууһугар култуура үлэһиттэрин идэлээх сойууһугар бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Онтон Дьокуускайга Национальнай бибилэтиэкэ идэлээх сойууһун бастакы сүһүөх тэрилтэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта.
Анастасия Самсонова аан бастаан 2005 сыллаахха идэлээх сойуус тэрийэр отделыгар үлэлии кэлбитэ. Икки сылынан бэрэссэдээтэли солбуйааччынан анаммыта. 2015 сылтан ыла бэрэссэдээтэлинэн ананан, өссө биэс сылынан быыбарга иккистээн талыллыбыта.

Сойуус ыарахан кэмнэри эмиэ ааспыта

– Сэбиэскэй кэмнэргэ социальнай страховка пуондата идэлээх со­­йууһу кытары бииргэ үлэлээн, идэлээх сойуус олус үчүгэйдик дьаһанан олорбута, үлэһит дьоҥҥо араас көмө оҥоһуллара. Бастатан туран, кэлэктиип дьоно 100 бырыһыан идэлээх сойуус чилиэнинэн буолаллара уонна сынньана баралларыгар босхо путевканан туһаналлара. Ким олорор дьиэҕэ-уокка наадыйарын идэлээх сойуус быһааран, дьиэ ылалларыгар улахан көмө, тирэх буолаллара. Оҕо уһуйааныгар уочараты эмиэ идэлээх сойуус быһаарара. Онтон 2000 сыллаахха страховка пуондата туспа баран, идэлээх сойуус үлэһиттэриттэн киирэр үптээх эрэ хаалбыта. Дьалхааннаах 1990-с сылларга ырыынак экэниэмикэтигэр киирии кэмнэригэр идэлээх сойуустан тахсан барыы элбээбитэ. Тоҕо диэтэххэ, идэлээх сойуус, урукку курдук, тугу да босхо биэрэр да, көмөлөһөр да кыаҕа суоҕа. Бэл, идэлээх сойуус баара наада дуу, суох дуу диэн боппуруос турбута.
Онтон 2002 сыллаахха Үлэ кодексата оҥоһуллубута. Онно идэлээх сойуус дьон үлэлээх буолуохтааҕын хонтуруоллуур эбээһинэстээҕин сокуонунан бигэргэппиттэрэ. Инньэ гынан, идэлээх сойуус дьылҕата быһаарыллан, күн бүгүҥҥэ диэри өрөспүүбүлүкэ култууратын уонна сонуну киэҥник тарҕатар сириэс­тибэлэр үлэһиттэрин бииргэ түмэн, кинилэр бырааптарын көмүскээн кэллэ. Кэлэктиип үлэһитэ идэлээх сойуус мин бырааппын көмүскүүр диэн өйдөөн, баҕа өттүнэн сайабылыанньа суруйан, идэлээх сойуус чилиэнинэн буолар. Сойуус чилиэннэрин уопсай ахсаана 9 тыһыынчаттан таҕыста. Ол эбэтэр култуура үлэһиттэрин 78,3 бырыһыаннара – идэлээх сойуус чилиэннэрэ. Саха сирин идэлээх сойууһа Арассыыйаҕа 7-с, Уһук Илиҥҥэ 1 миэстэҕэ сылдьара —  үчүгэй көрдөрүү.

Баар балаһыанньа

– Хамнас. Төһө кыалларынан, акылаат үрдээһинин туруорсуу. Тоҕо диэтэххэ, үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ үрдээн иһэр (2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 18,5 бырыһыан үрдүөхтээх). Холобур, бибилэ­тиэкэ үлэһиттэрэ 9-10 сыл үлэлээн баран сала­йар үлэҕэ көстөхтөрүнэ, хамнастара кыччаан биэрэр (үлэ көдьүүһүн иһин үрдүк коэффициены ылан кэбиһэннэр). Ону төнүннэргэ үлэ ыытыллыахтаах. Онтон тыа сиригэр уус-­уран салайааччы хамнаһа дириэктэрдээҕэр үрдүк буолара эмиэ баар.
-Араас төрүөтүнэн үлэлэриттэн тохтотулуннахтарына эбэтэр ханнык эрэ быыгабары ыллахтарына, үлэһит быраабын көмүскүүргэ тиһиктээх үлэ ыытыллар. Кэнники сылларга үлэлэриттэн ууратыллыбыт 80-ча киһини суутунан көмүскээн, үлэлэригэр төнүннэрдилэр. Манна сыһыаран эттэххэ, үлэттэн уһуллан эрэ баран көмө көрдүү кэллэхтэринэ, суутунан эрэ көмүскүүргэ күһэллэҕин. Дьиҥэр, идэлээх сойуус уонна үлэни биэрээччи утары көрсөн олорон, дьыаланы эйэлээхтик быһаарсар кыахтаах. Үлэни биэрээччи (үксүгэр нэһилиэктэр баһылыктара) процедуратыгар алҕаһы таһаараллар, онтон куорат улахан тэрилтэлэрэ юристаах буоланнар, сыыһаны-халтыны оҥорботтор.
– Үлэ харыстабыла (охрана труда). Дьон хайдах усулуобу­йаҕа үлэлии­рин, үлэлиир усулуобуйата төһө табыгастааҕын, хамнас бэриллиитин, эбии уоппусканы төһө ылалларын хонтуруоллаан, мониторинг сотору-сотору ыытыллар.
– Иһитиннэрэр-биллэрэр үлэ араас хайысханан ыытыллар («Голос профсоюза» хаһыат, саайт). Үлэһит­тэр бэйэлэрин кыһалҕаларын, боппуруостарын электроннай почтанан, бассаабынан төһө баҕарар ыытыахтарын сөп.
– Култуура сорох салаатын үлэһиттэрэ (үҥкүүһүттэр) урут биэнсийэҕэ 15-20 сыл үлэ кэнниттэн тахсаллара. Кэлин биэнсийэҕэ улары­йыылар киирэннэр, 20-25 сылга диэри уһаан биэрдэ. Бу балаһыанньаны хайдах эмэ көннөрөргө үлэ барыахтаах.
– Сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр үлэһиттэрэ – саамай көмүскэлэ суох араҥалар. Хамнастара кыра, атыттар салаа үлэһиттэрин курдук, ханнык да чэпчэтиинэн туһамматтар. Анастасия Самсонова «О средствах массовой информации в РС(Я)» диэн сокуон барылын оҥорорго (Арассыыйаҕа баар) СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) култуураҕа уонна сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Виктор Губаревка этии киллэрдэ.

Кэлэктиип дуогабара диэн тугуй?

Анастасия САМСОНОВА:
– Хас биирдии тэрилтэҕэ кэлэктиип дуогабара хайаан да баар буолуохтаах. Кэлэктиип дуогабара Үлэ кодексатын сэргэ үлэһит быраабын өссө тупсарар туһугар ылыллар.
Үлэһит биирдэ эмэ эбии уоппуска күнүн ыларга күһэлиннэҕинэ, кэлэктиип дуогабара суох ылар бырааба суох. Ол иһин, биһиги кэлэктиип дуогабарыгар үс төлөбүрдээх күнү киллэртэрэбит. Холобур, үлэһит уруу тэринэр дьоро киэһэтигэр, үбүлүөйүгэр, оҕо төрөөтөҕүнэ, чугас дьонун сүтэрбит кэмигэр, балаҕан ыйын 1 күнүгэр уо.д.а. суһал наада­лаах күннэргэ ыраас суобастаах үлэтиттэн босхолонон эриэн сөп, хамнаһа төлөнөр.
– Үлэ сокуонугар ыйылларынан, киһи үлэ чааһын таһынан үлэлиир кэмэ хайаан да төлөнүөхтээх. Кини өрөбүл эбэтэр бырааһынньык күн үлэлээбит буоллаҕына, хамнаһа икки төгүл төлөнөр эбэтэр атын сынньалаҥ күнүн ылар (уоппускатыгар буолбатах);
– Уоппуска харчыта үлэһит уоппускаҕа барыан 3 хонук иннинэ бэриллиэхтээх;
– Сокуоҥҥа этиллэринэн, үлэһит атын сиргэ айанын төлөбүрэ оҕолоругар барыларыгар төлөнүөхтээх (оҕо ахсааныттан тутулуга суох). Онуоха кэлэктиип дуогабарыгар «1-2 оҕоҕо төлөнөр» диэн киллэрэн кэби­һэллэр. Ити – сокуону кэһии. Путевканан атын куоракка сынньана эбэтэр турист быһыытынан омук сиригэр барбыт киһиэхэ 10 тыһыынча суумалаах көмө оҥоһуллар (биирдии оҕоҕо 5-тии тыһыынча төлөнөр).
– Үлэһит дьиэтиттэн олорон үлэлииригэр уотугар, интэриниэт трафигар ороскуотурар. 2022 сыллаахха от ыйын 18 күнүгэр тахсыбыт РФ бырабыыталыстыбатын уураа­ҕынан, ити ороскуотун иһин 1 тыһыынча курдук компенсацияны ылыахтаах. Ону сорох үлэни биэрээччилэр тутуспаттар;
– Биэнсийэҕэ тахсыа 5 сыл хаалбыт уонна үлэлии сылдьар биэнсийэлээхтэр 2 күн үлэлэриттэн босхолонон, хамнастара төлөнөн туран, сыл аайы диспансеризацияҕа сылдьыахтаахтар. Онуоха сайабылыанньа суру­йуохтаахтар уонна мэдиссиинэ тэрилтэтиттэн диспансеризацияны чахчы барбыттарын туһунан ыспыраапка ылыахтаахтар. Онтон 40-гэр диэри саастаахтарга икки сылга – биир күн, 40-тан үөһээ саас­таахтарга сыл аайы биир күн бэриллэр.

* * *

Анастасия Ивановна бэйэтин үлэтин, эбээһинэһин чопчу билэр үлэһиттэрдээх дьоҕус кэлэктиибигэр (6 үлэһит), сойуус актыыбыгар ис сүрэҕиттэн махтанар.
Дьон идэлээх сойууска махталын үгүстүк хаһыатынан, социальнай ситимнэринэн биллэрэр.
«Итинник махталлаах түгэннэргэ дьон олоҕун тупсарар туһугар өссө тугу эрэ оҥо­руоххун баҕараҕын, санааҥ көтөҕүллэр, идэлээх сойуус үлэтин-хамнаһын дьон сөпкө өйдүүрүгэр, кини бырааба көмүскэнэригэр эрэллээх буоларыгар үлэ араас хайысхатын тобулаҕын, саҥаттан саҥаны киллэрэргэ үлэлэһэҕин», – диэн Анастасия Самсонова идэлээх сойуус үлэһиттэрин уонна чилиэннэрин үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиир.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 мая
  • 14°C
  • Ощущается: 12°Влажность: 26% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: