Икки киилэ наркотиктаах киһини туттулар
Саха сиригэр ДПС иниспиэктэрдэрэ «Халыма» федеральнай суолга 2 киилэ «синтетическэй» наркотиктаах омук киһитин туттулар. Бу туһунан Ис дьыала министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ол курдук, Ис дьыала министиэристибэтин суолга патруллуур сулууспатын Чурапчытааҕы отделын иниспиэктэрдэрэ «Халыма» федеральнай суол 141 килэмиэтиригэр, Маралаайы сэлиэнньэтин таһыгар, Смоленскай уобаласка регистрациялаах массыынаны тохтоппуттар. Тырааныспары көрүү кэмигэр Санкт-Петербург куоракка быстах кэмҥэ олорор Узбекистан Өрөспүүбүлүкэтин 23 саастаах гражданиныттан полиция үлэһиттэрэ салапаан бакыаты булбуттар. Ол иһигэр түөрт суу иһигэр үрүҥ өҥнөөх бороһуок баар эбит. Чинчийии түмүгэр биллибитэ, икки киилэ кэриҥэ синтетическэй наркотик эбит.
Эр киһи кэпсээбитинэн, туһааннаах «табаарын» Новосибирскайтан Магадан уобалаһыгар атыылыы илдьэн испит. Эр киһиэхэ РФ Холуобунай кодексын 30 ыст. 3 ч., 228.1 ыст. 5. холуобунай дьыала көбүтүллүбүт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: