Ил Дархан «Хотугу сулус» Оҕо сынньалаҥын киинин тутуу хаамыытын билистэ
Айсен Николаев от ыйын 5 күнүгэр сылы быһа үлэлиир «Хотугу сулус» оҕо сынньалаҥын уонна чэбдигирдии киинин тутуу боппуруостарыгар көһө сылдьар мунньаҕы ыытта.
Сылы быһа үлэлиир, 350 миэстэлээх «Хотугу сулус» лааҕыр — Дьокуускай куорат маастар-былааныгар киллэриллибит, былырыын дойду Бэрэсидьиэнэ бигэргэппит дьоһун суолталаах социальнай инфраструктурнай бырайыактартан биирдэстэрэ.
Ил Дархан бэлиэтээн эппитинэн, эбийиэк бу сыл бүтүөр диэри туттарыллыахтаах. Үлэҕэ киллэрии болдьоҕо урут көһөрүллүбүтүнэн, билигин болдьоҕу уларытыы боппуруоһа көрүллүбэт.
Үбүлээһин, бырайыактааһын, тутуу уонна үлэҕэ киллэрии туһунан концессионнай сөбүлэһии хаамыытын туһунан Саха сирин экэниэмикэҕэ миниистирэ Петр Попов уонна «Хотугу сулус» ХЭО генеральнай дириэктэрэ Григорий Иванов иһитиннэрдилэр.
Билигин эбийиэккэ тутуу-таҥар үлэтэ тэтимнээхтик ыытыллар. Тутуу былаһааккатыгар 125 киһи, 3 тиэхиньикэ үлэлииллэр. Гаас хочуолунайа, гараас, ыскылаат тутуута түмүктэннэ. Эбийиэги үлэҕэ киллэрии бу сыл ахсынньытыгар былааннанар. «Хотугу сулус» өрөспүүбүлүкэҕэ саамай улахан уонна аныгы киининэн, оҕолору эбии үөрэтии сүрүн эбийиэгинэн буолуоҕа.
Бырайыак Уһук Илиҥҥэ Арассыыйа бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев уонна РФ Илиҥҥи дойдулары сайыннарыы министиэристибэтин өйөбүллэринэн бэрэсидьиэн биир кэлим субсидиятын чэрчитинэн олоххо киллэриллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: