Ил Дархан успуорт эбийиэктэрин бэрэбиэркэлээтэ
Быйыл «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулары долгуйа кэтэһэбит. Бу далааһыннаах тэрээһини көрсө Дьокуускайга элбэх хайысханы толорор успуорт саалата тутуллан киириэхтээх. Маны таһынан, бөдөһҥ эбийиэктэр өрөмүөннэнэллэр. Үлэ хаамыытын бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев бэрэбиэркэлээтэ.
Дьокуускай 77-с түөлбэтигэр Ильменскэй уулуссаҕа элбэх хайысхалаах успуорт саалата тутулла турар. Бу физическэй култуура уонна успуорт сайдыытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааматын чэрчитинэн, «Дьокуускай куорат 2017-2032 с.» куорат уокуругун социальнай инфраструктуратын кэлимник сайыннарыы» муниципальнай бырагырааманан ыытыллар.
Уопсайа 2,8 тыһ.кв.м. иэннээх икки мэндиэмэннээх комплекска 400 киһи олорон көрөр кыахтаах буолар. Маны сэргэ, художественнай гимнастиканан, буоксанан дьарыктанарга, эрчиллэргэ аналлаах саалалардаах. «Азия оҕолоро» оонньууларга манна волейболга күрэхтэһиэхтэрэ. Былааннаммытынан бу эбийиэги ыам ыйын бүтүүтүгэр үлэҕэ киллэриэхтээхтэр. Билигин манна 50 киһи үлэлии сылдьар. Тутуу 80% бэлэм.
«Монтажник» ПК бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Ханин үлэ кыраапык быһыытынан баран иһэрин бэлиэтиир. Тутууну болдьоҕун иннинэ түмүктээн туттарар соруктаахтар.
Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Сайсары олохтоохторо ханна да ырааппакка миэстэтигэр успуордунан дьарыктанар кыахтаналлар. Урут манна бу курдук успуорт эбийиэгэ суоҕа.
«Триумф» успуорт киинигэр аһыыр сиргэ ититэр уонна уу ситимин оҥорбуттар. Ыам ыйа бүтүөр диэри эрчиллэр саалалар, таҥас уларыттар сирдэр, сүүрэр ыллыктар өрөмүөннэнэн бүтүөхтээхтэр. Ону таһынан сирин-уотун тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах.
Маны сэргэ «Туймаада» стадиону, «Дохсун» успуорт комплексын өрөмүөннүүллэр. Стадиоҥҥа сүүрэр ыллыгы, көрөөччүлэр олорор сирдэрин саҥардаллар.
«Быйыл «Азия оҕолорун» бырагырааматыгар туруору үрдүккэ хатаастыы киллэрилиннэ. Олимпиецтары өйүүр пуонда скалодром биэрдэ. Былырыын «Дохсуҥҥа» туруорар миэстэни бэлэмнээбиппит. Ыам ыйын отутугар диэри туруоруллуохтаах», — диэн этэр успуорка эрэллэри бэлэмниир киин дириэктэрэ Александр Андреев.
Айсен Николаев эбийиэктэри көрөн-истэн баран, бэс ыйын 1 күнүгэр диэри, ол иһигэр «Туймаада» стадиоҥҥа эмиэ үлэлэри түмүктүүргэ сыал-сорук туруорда.
«Бүгүн биһиги «Азия оҕолоругар» күрэхтэһиилэр ыытыллыахтаах хас да эбийиэктэрин көрдүбүт. Сайсары уокуругар Ильменскэйгэ элбэх хайысхалаах успуорт комплекса тутуллар. 80% бэлэм. Онон бэдэрээччит сыалы-соругу толоруо, эбийиэги болдьоммут кэмигэр туттарыа диэн эрэл баар. Онно «Азия оҕолорун» кэнниттэн буоксанан, гимнастиканан дьарыктанааччылар киириэхтэрэ. Урут тутуллубут успуорт эбийиэктэригэр уларытан, саҥардан оҥоруу үлэлэрэ ыытыллаллар. Ирдэбилгэ барытыгар сөп түбэһэрин курдук болҕомто ууруллар. 1 млрд 200 мөл. солк. тахса үп өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллүбүтэ. Сорох эбийиэктэр ыам ыйын 1, сорохтор бэс ыйын 1 күннэригэр бэлэм буолуохтара. Бастакынан, бары үлэлэр хаачыстыбалаах буолуохтаахтар уонна болдьоҕор түмүктэнэн туттарыллыахтаахтар. Үлэ элбэх, болдьох чугаһаан иһэр. Ол эрээри, бэдэрээччиттэр бары үөрүйэхтээхтэр, онон сыалы-соругу толоруохтара. Оттон хонтуруол күүһүрүө», — диир Ил Дархан.
«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы VIII спортивнай оонньуулар Дьокуускайга бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри ыытыллаллар. Эдэр спортсменнар успуорт 24 көрүҥэр илин-кэлин түсүһүөхтэрэ.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатыттан
Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриилэрэ, СИА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: