Кэрэ аҥаардар туох бэлэҕи ылыахтарын баҕараллар?
01.03.2023, 16:43
Хаартыска: pxhere.com/ru
Бөлөххө киир:
Номнуо кулун тутарга үктэннибит, Аан дойдутааҕы дьахталлар күннэрэ чугаһаата. Кэрэ аҥаардар туох бэлэҕи туттахтарына ордук үөрэр эбиттэрий?
Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрэ ааста, аны Аан дойдутааҕы дьахталлар бырааһынньыктара чугаһаата. Кэрэ аҥаардар туох бэлэҕи ылыахтарын баҕараллар эбитий?
Арассыыйатааҕы ыйытык түмүгүнэн, дьахталлар улахан аҥаардара көмүс киэргэли сэҥээрэллэр эбит:
38 % — көмүс киэргэл,
30 % — кэсимиэтикэ, парфюмерия,
27 % — сэртипикээтинэн бэйэлэрэ атыылаһаллар,
18 % — электроника,
14 % — гаджет,
13 % — таҥас, атах таҥаһа,
Олох аҕыйах киһи — иһит-хомуос, арыгы, харчы диэн хоруйдаабыт. Ыйытыкка 2000-тан тахса киһи кыттыбыт. Эр дьон ортотунан 5-10 тыһ. солк. суумаҕа бэлэх оҥорор былааннаахтар эбит.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: