Киин куоракка баһаарынайдар кроссфитка кииристилэр
Бу күннэргэ Дьокуускайга «Динамо» уопсастыбата тэрийбит ГТО многоборьеҕа чөмпүйэнээтэ буолла.
Кросфитка гимнастика элеменнэрэ, силовой уонна кардио ноҕуруускалар киирэллэр. Бу эрчиллиилэр быыстала суох уонна тэтимнээхтик толоруллаллар. Оттон баһаарынайдарга туһунан «баһаарынай кроссфита» диэн успуорт анал көрүҥэ баар. Кини уратыта диэн баһаарынайдар таҥастарын кэтэн сылдьан дьарыктаналлар. Ол эбэтэр фитнес-бырагырааманы тыынар аппарааты кытта кэтэ сылдьан толороллор диэн СӨ ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Саха баһаарынай-быыһыыр гарнизонун бойобуой уонна физическэй бэлэмниир инспектора Иван Яковлев этэринэн, хамаандаҕа кыайыы чэпчэкитикэ суохтук, сылаалаахтык ситиһилиннэ. «Хамаандаларынан кыттааччылар быйыл олус бэлэмнээх, бары кэриэтэ профессиональнай кроссфитердэр муһуннулар», – диир Иван Яковлев.
Чөмпүйэнээккэ УФСИН, 2 №-дээх КФК, Арассыйатааҕы тырааныспарга ИДьМ Хотугулуу- Илиҥҥи линейнэй управлениета, УФНС, 2 №- дээх (Борокуратуура, СК), Росгвардия управлениета, өрөспүүбүлүкэтээҕи ГТО многоборьеҕа Федерацията, ФСПП, ЫБММ спортсменнарын түмтэ.
Тэрийээччилэр этэллэринэн, кросфит ыытыллыар диэри түөрт түһүмэҕиттэн биирэ кистэлэҥҥэ хаалбыт. Ону таһынан балаһыанньа ирдэбилинэн, түөрт хамаандаттан иккитэ 40-тан тахса саастаахтар буолуохтаахтар. Саха сиринээҕи ЫБММ кылаабынай управлениетын чиэһин Алексей Созонов, Семен Кычкин, Александр Белолюбскай уонна Николай Семенов көмүскээтилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: