Киин куоракка сокуоннай сааһын ситэ илик оҕоттон харчыны күһэйии арылынна
ИДьМ 1 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо уолуттан харчыны күһэйэн ылбыттарын туһунан сайабылыанньа суруйбут. Хоромньу суумата 45000 солк. буолбут.
Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ суһал-көрдүүр дьаһалларынан уорбаланааччы ким буоларын быһаардылар. Уорбаланааччы 22 саастаах эр киһи буолара биллибит.
Силиэстийэ быһаарыытынан, сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо уорбаланааччыга харчылаһаары быстах кэмҥэ дьиэ ханаппаакылыы үлэлии киирбит. Ол эрээри, үлэ биэрээччи үлэ хаачыстыбата суох толоруллубутун иһин оҕоттон харчы ирдэспит. Ону сэргэ кырбаары хаайан кимиэхэ да кэпсээбэтигэр сэрэппит. Уол оҕо куттанан, ийэтэ утуйа сыттаҕына, каартатыттан кистээн уорбаланааччы счетугар 45 000 солк. ыыппыт. Оҕоттон харчыны күһэйээччи эр киһиэхэ РФ Холуобунай Кодексынан холуобунай дьыала тэрилиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: