Кирилл Бычков: «Нерюнгрига бырамыысыланнаска сөптөөх болҕомто өрүү ууруллар»
Нерюнгри оройуонугар үлэлиир бырамыысыланнай тэрилтэлэр исписэлиистэрэ, оробуочайдара РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев хамаандатын үлэтин, өйөбүлүн билэ-көрө олоробут диэн СӨ бырабыыталыстыбатын сылын аайы ыытыллар отчуотугар эппиттэрин туһунан СИА иһитиннэрэр.
Ааспыт сыллааҕы отчуоту билиһиннэрэр бөлөҕү СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков салайар. Кини: «Биллэн турар, быһаарыллыахтаах боппуруостар бааллар. Бырамыысыланньыктар Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Саха сиригэр сыһыаннаан көмөтүн барытын билэн-көрөн олороллор. Билиҥҥи уустук балаһыанньа баарын үрдүнэн Нерюнгри оройуонугар бырамыысыланнас өттүгэр дойдубут улахан болҕомтотун уурар», — диэн санаатын үллэстэр.
Премьер-миниистир иһитиннэрбитинэн, Нерюнгрига инфраструктураны күүскэ сайыннарыы сөптөөх хайысханан барар. «Отчуот кэмигэр киһи хапытаалын уонна үөрэхтээһини сайыннарыыга сыһыаннаах элбэх ыйытыы киирдэ. Бу эдэр исписэлиистэри сайыннарыыга сөптөөх болҕомто уурулларын туоһулуур», — диэн Кирилл Бычков быһаарар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: