Кулун тутар ортото «Гражданскай пуорум — 2024» үлэлиэҕэ
Дьокуускайга кулун тутар 13-14 күннэригэр сыллата ыытыллар «Гражданскай пуорум — 2024» буолуоҕа. Тэрээһин Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылыгар ананар.
Гражданскай пуорум — уопсастыба саамай суолталаах кыһалҕаларын дьүүллэһиигэ уонна сөптөөх быһаарыылары көрдүүргэ, ылынарга платформа. Пуорумҥа гражданскай уопсастыба, кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, көхтөөх дьон, олохтоох салайыныы уорганнара, урбаанньыттар уонна Саха сирин ситэриилээх былааһа кыттыахтара. Пуорум быйыл 12 төгүлүн ыытыллар.
“Бу пуорум актыбыыстар уонна кэмиэрчэскэй туһаайыыта суох тэрилтэлэр икки ардыларыгар бу күн тыҥаан турар кыһалҕаларыгар хоруй көрдүүргэ аналлаах былаһаакка, өрөспүүбүлүкэ иһигэр гражданскай уопсастыба сайдарыгар саҥа вектордары тобулар буолуо диэн эрэнэбин”, — диэн эттэ Ил Дархан Айсен Николаев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: