Салгыы
Күҥҥэ күүстээх эстии буолла

Күҥҥэ күүстээх эстии буолла

18.03.2024, 12:45
Хаартыска: РИА-Новости.
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 16 күнүн киэһэтигэр Күҥҥэ күүстээх эстии буолбута диэн ТАСС суруйар. Ол түмүгэр, Сиргэ дьайар магнитнай буурҕалар төһө күүстээх буолуохтарай?

Прикладной геофизика института Күҥҥэ рентген диапазонугар 22 мүнүүтэ уһуннаах M3.5 эстии буолбута диэн иһитиннэрэр. Онон Сир аттынааҕы куйаарга эниэргийэ киэҥ диапазонугар протоннар сүүрээннэрэ кэлэ тураллар.

Ол эрээри, кэнники сууккаларга Сир ионосфератыгар Күн рентгеновскай долгунун дьайыыта уонна протоннар киириилэрин таһыма мөлтөх көрдөрүүттэн үрдүү илик.

Кулун тутар ыйга магнитнай буурҕалар 9,10, 15, 16, 21, 22, 27, 28  күннэригэр буолуохтара диэн сэрэтэллэр. Ол эрээри, бу магнитнай буурҕалар 3-4 бааллаах буолуохтара, ол эбэтэр, орто көрдөрүүттэн (5-6 баал) намыһахтар. Санатар буоллахха, саамай күүстээх буурҕа 9 баалга тэҥнэһэр.

Магнитнай буурҕа туохтан үөскүүрүй? Күҥҥэ бээтинэлэр — намыһах кыраадыстаах сирдэр бааллар, онно магнитнай частицалар былыттарын таһаарар уобаластар үөскүүллэр. Маннык магнитнай былыттар Сиргэ тиийэн, магнитнай эргимтэтигэр дьайаллар, хамсаталлар. Ол Сиргэ дьүкээбил суһумун курдук көстөр.

Хата, олус күүстээх магнитнай буурҕалар сэдэхтик буолаллар. 2021 сыллаахха АХШ-ка күүстээх магнитнай буурҕа кэмигэр төлөпүөн сибээһэ сүппүтэ, элэктэриичистибэ ситимигэр саахаллар тахсыбыттара.

1989 сыллаахха Канада Квебек куоратыгар элэктэриичистибэ бүтүннүү арахсан хаалбыта. Оттон 2003 сыллаахха күүстээх магнитнай буурҕа түмүгэр, космическай аргыстары кытта сибээс  хас да чаас устата сүтэ сылдьыбыта.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: