Любовь Явловская: «Норуот биир сомоҕо буолуута кыайыыга тиэрдибит кэмнэрдээҕин үчүгэйдик билэбит»
Арассыыйа-Украина сыһыаннаһыыларыгар уонна анал байыаннай эпэрээссийэҕэ биир дойдулаахтарбыт, уопсастыбанньыктар биир санаанан салайтаран, сомоҕо буолан түмсүөҕүҥ диилллэр.
Любовь Явловская, Ил Түмэн дьокутаата, СӨ офтальмологическай балыыһатын офтальмолог бырааһа:
— Дойдубутугар уустук быһыы-майгы тирээн турар кэмигэр биһиги бука бары салалтабыт тула биир сомоҕо буоларбыт эрэйиллэр. Урукку да маннык түгэннэргэ норуот биир сомоҕо буолуута кыайыыга тиэрдибит кэмнэрдээҕин үчүгэйдик билэбит. Былаас бары салаалара, уопсастыбабыт бары араҥалара хомуллар, түмсэр наадатын өйдүүр буолан, быстах хомуурга ыҥырыллыбыт дьоммутугар, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр бу кэмнэргэ наадалаах өйөбүлү, көмөнү оҥоро, хомуйа, ыыта сылдьаллар. Хараҥа күүстэри кытта охсуһуубутугар киһи аймаҕы көмүскүүр туһугар сырдык санаа, кырдьыктаах дьыала кыайа туруоҕар эрэлбит улахан. Ону олорон кэлбит устуоруйабыт, айылҕа бэйэтэ да кэрэһилээбиттэрэ, кэрэһилииллэр.
Ил Түмэн дьокутааттарын өттүлэриттэн өйөбүлү оҥоруу боппуруостарыгар, тэрээһин өттүгэр уонна үбүнэн көмө оҥоһулла турар. Биһиги Офтальмологическай балыыһабыт кэлэктиибиттэн коллегаларабыт Донбасска баран үлэлии сылдьаллар. Онно элбэх эпэрээссийэни, консультацияны оҥороллор. Онон тылга эрэ буолбакка, дьыаланан быһаччы көмө барар.
Маннык көмө биһиги эрэ балыыһабытыттан эрэ буолбакка, бүтүн судаарыстыба таһымынан, Саха сириттэн, өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханыттан, бырабыыталыстыбаттан, үлэ тэрилтэлэриттэн, араас түмсүүлэртэн оҥоһулла турар. Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ төһөлөөх көмө, өйөбүл оҥоһуллубутун туһунан кэлин билиэхпит, истиэхпит. Билигин саамай сүрүнэ биһиги күүстээх санаабытын өссө бөҕөргөтөн, дойдубутугар, нэһилиэнньэҕэ, ыҥырыллан барбыт
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: