Марина Бахилина министиэристибэ кэлэктиибин кытта көрүстэ
Саха сиригэр Бэрэсидьиэн Владимир Путин итэҕэллээҕэ Марина Бахилина СӨ Гражданскай оборуона дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар министиэристибэ уонна биэдэмистибэ тэрилтэлэрин кэлэктииптэрин кытта көрүстэ.
Көрсүһүү аһаҕас кэпсэтии көрүҥүнэн буолла. Марина Константиновна олоҕун устуоруйатын, оҕолорун хайдах ииппитин, дойду сэриитин эрэгийиэннээҕи салаатын үлэтин-хамнаһын уонна Бэрэсидьиэн Владимир Путин итэҕэллээҕэ буолар төһө уустуктардааҕын туһунан кэпсээтэ.
«Эһигиттэн үгүс элбэх киһини билэбин. Билигин биһиги бары уопсай соруктаахпыт – байыаннай дьайыы буойуттарын өйөөһүн. Биһиги саллааттарбыт тустарыгар кыһамньыгыт иһин махтанабын. Эһиги киллэрсэр кылааккыт тугунан да сыаналаммат! Эһиги күүскүтүнэн хас биирдии байыас толору таҥаһынан, аһынан хааччыйыллар», — диэтэ Марина Бахилина.
«Марина Бахилина биһиэхэ чугас киһинэн буолла. Кинини кытта ааспыт сылга билсиспиппит. Кини биһиги тирэх пууммутугар үлэлээбитэ. Кини хас биирдии буойун сүрэҕин сылаанньытар, ис дууһатын уоскутар», — диэтэ СӨ Гражданскай оборуона дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар миниистирэ Дмитрий Лепчиков.
Бэлиэтээн эттэххэ, кииннэммит быыбардыыр хамыыһыйа бигэргэппитинэн, Владимир Путин итэҕэллээх дьонугар култуура, ускуустуба, успуорт, урбаан, мэдиссиинэ эйгэтин үлэһиттэрэ киирбиттэрэ. Кинилэр истэригэр артыыс Сергей Безруков, Владимир Машков, режиссер Никита Михалков, дирижер Юрий Башмет, тириэньэр Ирина Винер о.д.а. Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбара бу дьыл кулун тутар 15-17 күннэригэр буолар. Хандьыдаакка түөрт киһи турда. Ол курдук билиҥҥи бэрэсидьиэн Владимир Путин (бэйэ туруорунуута), Николай Харитонов (КПРФ), Леонид Слуцкий (ЛДПР), Владислав Даванков (Новые люди).
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: