Миграннары маассабайдык бэрэбиэркэлээн эрэллэр
Саха сиригэр полиция үлэһиттэрэ миграннары маассабайдык бэрэбиэркэлээн эрэллэрин туһунан ИДЬМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ол курдук рейдэ түмүгүнэн, тас дойдуттан үлэлии кэлбит аҕыс киһи миграция хайысхатыгар кэһиилээхтэрэ биллибит. Түөрт киһи режим пребывания эрэсиимин кэспиттэр, биир киһи көҥүлэ суох киирэн үлэлии сылдьар, үс киһиэхэ эрдэ Арассыыйа Федерациятыгар кэлии бобуулааҕын үрдүнэн кэлэн үлэлии сылдьыбыттар. Сокуону кэһиини, буруйу оҥорууну сэрэтэр уонна бохсор соруктаах рейдэ түмүгүнэн, ИДьМ Иностранец диэн суһал-сэрэтэр тэрээһини ыытар.
Бэҕэһээ, тохсунньу 31 күнүгэр, полиция үлэһиттэрэ миграннар үлэлиир, олорор сирдэринэн, тутуу эбийиэктэринэн рейдэлэри оҥордулар. Ол курдук Росгвардия спецназ көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэ бары оройуоннарыгар маннык бэрэбиэркэлэр ыытылыннылар. Дьокуускайга уопсайа 135 миграны бэрэбиэркэлээтилэр. ИДьМ 3 №-дээх полиция салаатыгар 45 миграны уонна биэс РФ олохтооҕун салгыы быһаарсар соруктаах илтилэр. Административнай быраабы кэһии иһин биэс киһиэхэ Арассыыйаттан тахсыы туһунан иһитиннэриини туттардылар. Ону сэргэ РФ гражданствотын ылбыт биэс киһиэхэ байыаннай комиссариатка учуокка турарга бэбиэскэ туттардылар. Маны сэргэ, ДПС иниспиэктэрдэрэ суол быраабылатын кэһиигэ 17 административнай боротокуолу толордулар. Ону сэргэ Азербайджан өрөспүүбүлүкэтин уонна Таджикистан икки олохтооҕо сымыйа докумуону толорон миграционнай учуокка турбуттара билиннэ. Кинилэри Алдан оройуонун урбаанньыта дьахтар фиктивнэй дуогабар оҥорон учуокка туруорбут. Дьахтар дьайыыларыгар РФ холуобунай кодексатын 322.3 ыст. буруйу оҥоруу састааба көстөр. Билиҥҥи туругунан бэрэбиэркэ барар. Миграция өттүнэн хонтуруоллуур тэрээһин үлэтэ салҕанар диэн ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: