Нэдиэлэтээҕи гороскоп (ахсынньы 6-13 күннэрэ)
ХОЙ
Дьону кытта кыыһырсар, мөккүһэр туһаны аҕалбат. Куһаҕан саҥнаах дьонтон тэйэ тутун. Бу күннэргэ тус олоххунан эрэ дьарыктаныыһыккын. Эппиэтинэстээх быһаарыныы ылыныаххын сөп.
ОҔУС
Тулуурдаах буолуу ирдэнэр. Чугас киһигин кытта аһаҕастык, холкутук наллаан олорон кэпсэтиэххин наада буолбут. Бу кэпсэтии сыһыаҥҥытын саҥа таһымҥа таһаарыаҕа.
ИГИРЭЛЭР
Соһуччу көрсүһүүлэр күүтэллэр. Ол эрээри саҥа билсибит киһигэр тута итэҕэйэр сатаммат. Үлэҕэр-хамнаскар уустук балаһыанньа үөскүөн сөп. Төһө киэҥ көҕүстээххиттэн, тулуурдааххыттан элбэх тутулуктаах.
АРААК
Саҥа нэдиэлэ үлэҕэр ситиһиини түстүөҕэ. Дьону кытта тапсаҕын, уопсай тылы булаҕын. Тус да олоҕуҥ күөстүү оргуйар. Эбии харчылаһыаххын сөп. Онон харчы да уурунуоххун сөп.
ХАХАЙ
Таптал, тус олоххо чугас киһигин кытта сыһыаҥҥа бэйэмсэх буолуу наадата суох. Онтон сылтаан өйдөспөт түгэн тахсыан сөп. Үп-харчы өттүгэр барыта этэҥҥэ. Ол эрээри өссө да харчыга ыктарар курдук сананыаҥ.
КЫЫС
Доҕоргун кытта сыһыаны тупсарарга кыһаллыаҥ. Билигин бэйэ бодотун тардына сылдьар ордук. Үп-харчы дьыалатыгар былааннаан туттуу көмөлөһүөҕэ. Үлэҕэр эппиэтинэстэн куттаныма.
ЫЙААҺЫН
Бырааһынньык сүпсүлгэнин эрдэттэн билиэҥ. Онон харчыгын харыстаан, былааннаан туттарыҥ наада. Ымсыырбыккын барытын атыылаһа сырыттаххына, ороскуотуруоххун сөп.
СКОРПИОН
Тапталга табыллар кэм. Оттон кэргэннээх скорпионнар сыһыаны тупсарыахтарын сөп. Нэдиэлэ ортото эбии дохуоттанар кыахтаныаҥ, мантан санааҥ көтөҕүллүө.
ОХЧУТ
Элбэх көрсүһүү күүтэр. Үлэҕэр ордук санааччы элбэх. Тапсыбат дьонуҥ хоп-сип да тарҕатыахтарын сөп. Онон бэйэҕин көмүскэнэргэ, наада буоллаҕына майгыгын-сигилигин да көрдөрөргө бэлэм сырыт.
ЧУБУКУ
Тус олоххор уустук балаһыанньа үөскүөн сөп. Аҥааргар эрэнэ үөрэн. Быһаарыныыны кыыһырбыт омуҥҥа тута ылынар үчүгэйгэ тиэрдибэт. Онон бу кэмҥэ холкутуу сатыыр наадатын умнума.
КҮРҮЛГЭН
Дьону кытта эйэлээх сыһыаны олохтуурга кыһан. Ордук чугас дьоҥҥун хомоппот буола сатаа. Үлэҕэр барыта эриэ-дэхси. Харчыга ыктарыаҥ суоҕа.
БАЛЫКТАР
Бу күннэргэ ис туругуҥ өрө күүрэн сылдьар. Кыраттан да кыыһыран туруоххун сөп. Уустук балаһыанньаҕа түбэһиэххин сөп. Чугас дьонуҥ өйөбүллэрэ көмө буолуоҕа. Харчыга сыһыаннаах дьыалаҕа эппиэтинэстээхтик сыһыаннас.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: