Салгыы
Нэдиэлэтээҕи гороскоп (олунньу 2–9 күннэрэ)

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (олунньу 2–9 күннэрэ)

Ааптар:
02.02.2024, 11:01
Бөлөххө киир:

Хой

Ситиһиилээх нэдиэлэ үүммүт. Элбэх дьон ортотугар тус санааҕын, олоххо көрүүгүн тиэрдэргэр сөптөөх кэм. Көҥүл кэм, онон туохтан да тутулуктаммакка санаабыт санааҕын олоххо киллэрэн ис диэн сулус­тар сүбэлииллэр. Дьону кытта сыһыаннаһыыга сэрэйэн көрөр дьоҕуруҥ көмөлөһүөҕэ.

Оҕус

Дьоҥҥо сөбүлэтэр хаачыстыбаҥ үлэҕэр-хамнаскар ситиһиини түстүүр. Бэйэҥ ааккын үрдэтэргэр, сыалгын ситиһэргэ тоҕоостоох кэм. Бу нэдиэлэ устата ситиһии сиэттиһэр. Ол эрээри кэргэннээх оҕустарга атын интэриэс үөскүөн сөп, бэйэ бодотун тардына сылдьыҥ.

Игирэлэр

Туохха наадыйаргын, дьиҥ сыалгын-соруккун дьэҥкэтик өйдүөҕүҥ. Духуобунас өттүнэн үрдүөххүн, өйүҥ-санааҥ аһыллан олоҕу атыннык ылыныаххын сөп. Онуоха сөптөөх мындыр дьону кытта алтыһыы үчүгэй эрэ түмүктээх буолуоҕа. Үлэҕэ-хамнаска, юридическай дьыалаларга ситиһии кэлиэҕэ.

Араак

Эниэргийэлээххин, барарга-кэлэргэ, айарга-тутарга сэниэлээххин. Нэдиэлэ устата дохуоккун хайдах үрдэтэр туһунан санааҕа ылларыаҥ. Дьону кытта кыттыһан саҥа биисинэс тэринии үчүгэйгэ тиэрдибэт, онон бу хайысхаттан туора тутун.

Хахай

Төһө да бэйэҕэр эрэллээҕиҥ иһин, бу күннэргэ дьону кытта аһаҕас кэпсэтиигэ наадыйыыһыккын. Ис туруккун, санаа­ҕын үллэстэр аттыгар ким да суох курдук буолуоҕа. Уустук кэм сотору кэминэн ааһыаҕа, оттон кэпсээбит кистэлэҥҥин бэйэҥ утары туһаныахтарын сөп. Онон ис санааҥ кис­тэлиҥ дьоҥҥо ыһа-тоҕо кэпсээмэ.

Кыыс

Дьонтон ордук чорбойор, биллэр-көстөр кэмиҥ. Нэдиэлэ олус сэргэхтик саҕаланыыһы. Элбэх көрсүһүүлэр, билсиһии­лэр күүтэллэр. Онон дьиэҕэ бүгэн хаалыма.

Ыйааһын

Айар кутуҥ уһуктан тулаҕар туох буола турарыгар болҕомто уурбакка хаалыаххын сөп. Истиҥ сыһыан соһуччу үөскүөн сөп. Кэргэннээх, доҕор­доох ыйааһыннар дьон тылыгар киирбэт туһуттан сэрэхтээх буолуҥ. Ол кэриэтин дьиэҕит иһин тупсарыынан дьарыктаныаххын сөп. Чугас дьоҥҥун кытта сыһыаны бөҕөргөтөргө эн өттүгүттэн эмиэ кыһамньы наада.

Скорпион

Бэйэҕэр бүгүөххүн, дьонтон тэйэ тут­туоххун баҕарыаҥ. Ол эрээри дьиэ ис-тас үлэтэ кыайтарбакка үгүс кыһалҕаны быһаарарга күһэллиэҥ. Инникини былаан­ныырга, дьиэ кэргэҥҥэ сыһыаннаах дьыаланы-куолуну ситиһэргэ үтүө кэм. Онон хамсанан хаалар туһаны аҕалыа.

Охчут

Үлэҕэ аһары умса түһэҥҥин тус олоххун умнубуккун. Ыраах айаннар күүтэллэр. Аймахтары кытта сыһыаны олохтуурга тоҕоостоох кэм. Барытын биир күдьүс көрбөккө, ханнык ордук суолталааҕын талан сааһыланыаххын наада буолбут. Бары эйигиттэн болҕомто ирдииллэр.

Чубуку

Үпкэ-харчыга табыллар кэм. Сөпкө туруо­рустаххына, былааннаатаххына дуоһунаһыҥ даҕаны үрдүөн сөп. Саҥа мал-сал атыылаһыаххын сөп. Элбэх киһи эн болҕомтоҕор наадыйар. Санааны сааһылананан, сөптөөхтүк былааннанан сырыттаххына, үгүһү ситиһиэҥ. Саҥа билсиһии тосхойуо.

Күрүлгэн

Нэдиэлэ саҥата олус тэтимнээхтик саҕаланыа. Барыаххын-кэлиэххин, айыаххын-тутуоххун баҕарыаҥ. Бар дьоҥҥо бааргын биллэрэр туһуттан тылгын-өскүн, тас көрүҥҥүн көрүнэ сылдьаргар сулустар сүбэлииллэр. Маныаха ис турук улахан суолталааҕын умнума. Нэдиэлэ ортото дьон болҕомтотун тардаргар табыгастаах буолуоҕа.

Балыктар

Арыый уустук кэм. Санааҥ кыраттан да түһэр. Төһө да олоххо көхтөөх курдук туттубутуҥ иһин, туохтан эрэ туох­хаһыйаҕын, мунчаараҕын. Чугас дьоҥҥун кытта санааҕын үллэстэ үөрэн. Өйгүн-санааҕын сынньатар туһуттан сибиэһэй салгыҥҥа сылдьа сатаа. Уопсастыбаттан арыый тэйэ тутун.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: