Салгыы
Никита Андреев: «Сайдыы тэтиминэн олох хаачыстыбата тупсар»

Никита Андреев: «Сайдыы тэтиминэн олох хаачыстыбата тупсар»

29.03.2024, 11:36
Сайаана Львова хаартыската
Бөлөххө киир:

Кэнники сылларга Горнай улууһа сайдан, кэҥээн иһэрин, өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ тахсыбытын бэлиэтии көрүөххэ сөп. Улууска суол-иис оҥоһуллан, гаас киирэн, саҥа таас дьиэ-уот уонна социальнай эбийиэктэр тутулланнар, нэһилиэнньэтэ биллэрдик эбиллэн кэҥээн бигэ туруктаах улуус буолбутун улуус баһылыга Никита Андреев кэпсиир. Кини Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин национальнай бырайыагынан улууска элбэх үлэ ыытылларын бэлиэтиир.

— Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит киэҥ хабааннаах национальнай бырайыактара, бырагыраамалара улууспут, өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут сайдарын, олохпут уйгута тупсарын туһугар тирэх буолаллар. Горнай улууһа 2021-2022 сыл түмүгүнэн инвестиционнай килиимэт эриэйтинигэр иккис сылын 1 миэстэни ылары ситистэ. Бу – аҥаардас дьаһалта кыайыыта буолбатах, улуус бүттүүн кыайыыта. Биллэн турар, инфраструктура, урбаан сайдыыта, дьон-сэргэ улууһугар сыһыана барыта киирэр. Сайдыы тэтиминэн олох хаачыстыбата тупсар.

2023 сыллаахха Горнай улууһа оҥорон таһаарыыны сайыннарар биир бастыҥ улууһа буоларын ситистибит. Ааспыт сыл ахсынньытыгар СӨ Бырабыыталыстыбата Горнай улууһугар «Горнай» олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы туһунан уурааҕа тахсыбыта. «Горнай» олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы территориятыгар 5 нэһилиэк киирдэ: «Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ», «Киров нэһилиэгэ», «Мытаах нэһилиэгэ», «Одуну нэһилиэгэ» уонна  «Октябрьскай нэһилиэгэ». Манна саҥа саҕалааччы урбаанньыттарга өрөспүүбүлүкэ өттүттэн чэпчэтии көрүллэрэ былааннанар. Бу хайысхаҕа биһиги былааммытынан туризм, тыа хаһаайыстыбата, оҥорон таһаарыы бырайыактара киириэхтэрэ. Бу үлэ түмүгүнэн 75 үлэ саҥа миэстэтэ тэриллэрэ былааннанар.

Быйыл «Экология» национальнай бырайыагынан ууну ыраастыыр эбийиэк үлэҕэ кириэхтээх. Ол түмүгүнэн Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ ыраас уунан хааччыллыаҕа.

«Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыагынан хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр үлэҕэ киирэллэр: ол курдук Бэрдьигэстээххэ МСО кыбартаалга 176 кыбартыыралаах, Сэргэлээх түөлбэтигэр 43 кыбартыыралаах, Маалтаны нэһилиэгэр 4 кыбартыыралаах толору хааччыллыылаах дьиэлэр үлэҕэ киирбиттэрэ. Салгыы 2024 сыллаахха хаалбыт нэһилиэктэргэ барытыгар саҥа дьиэлэр киирэллэрэ былааннанар. 2024 сыллаахха Атамай нэһилиэгэр саҥа 150 миэстэлээх оскуола уонна элбэх хайысхалаах киин эбийиэктэрэ киириэхтээхтэр.
Улуус экэниэмикэтин сүрүн салаата – тыа хаһаайыстыбата. Тыа хаһаайыстыбатыгар, биллэн турар, ынах сүөһү төбөтө аччыыр, сүрүн биричиинэтэ – кэтэх ыаллар сааһыран кыайан көрбөт буолуулара.

Оттон сылгы ахсаана кыралаан эбиллэрэ бэлиэтэнэр. Тыа хаһайыстыбатын оҥорон тааһарар тэрилтэтигэр Бэрдьигэстээххэ – 3 туонна, Мытаахха – 1 туонна саҥа үүт астыыр сыахтар тутуллубуттара. Үүт бородууксуйатын хаачыстыбата тупсан, көрүҥүн ахсаана эбиллэн, куоракка тиийэ эргинэр буоллубут. Эбии аһылыгы оҥорон таһаарыы бырагырааматынан тирэх хаһаайыстыбалар сирдэрин оҥостон, тиэхиньикэ ылан, кормовой баазаларынан тупсараллар.

Онон ааспыт биэс сылга улууска киэҥ хабааннаах үлэ-хамнас ыытылынна диэн бэлиэтиэххэ наада. Тыа сирин сайдыытыгар, олоҕо-дьаһаҕа тупсарыгар туһуламмыт национальнай бырайыактар көдьүүстээхтэрэ бигэргэннэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
29 апреля
  • -6°C
  • Ощущается: -9°Влажность: 73% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: