Николай Егоров: “Дьоруой буолан төрөөбөттөр, иитиллэн тахсаллар”

Николай Егоров: “Дьоруой буолан төрөөбөттөр, иитиллэн тахсаллар”

Ааптар:
16.11.2024, 15:00
Николай Алексеевич СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров кэриэһигэр анаан тахсыбыт кинигэни бэлэх уунна.
Бөлөххө киир:

Николай Алексеевич Егоров дьоһун, холку майгылаах ытык кырдьаҕас, чахчы бэйэтин кэмигэр үлэни кыайа-хото туппут киһи – математика учууталыттан оскуола дириэктэригэр, нэһилиэгин баһылыгар тиийэ үүнэн-сайдан үлэ бөҕөнү көрсүбүт киһи, ол кэрэһиттэрэ – түөһүн муҥунан мэтээллэрэ.

Николай Алексеевич СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр анаан-минээн Арассыыйа Дьоруойа уонна Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ Дьоруойа үрдүк ааты ылбыт Дмитрий Егоров сырдык кэриэ­һигэр анаан тахсыбыт кинигэни бэлэх ууна кэлбит. Түгэнинэн туһанан, Дьоруой аҕатын кытта кэпсэттибит.

Дьоруойдарга анаммыт истиэндэ

– Николай Алексеевич, Дмитрий оҕо сылдьан хайдах этэй?

– Дима оҕо эрдэҕиттэн сытыы, сылбырҕа этэ, үлэҕэ олус сыстаҕас, ылсыбытын барытын тиһэҕэр тириэр­дэр, түргэн-тарҕан туттуу­лаах, сатабыллаах оҕо этэ. Элбэх доҕоттордоох, табаарыстарын кимиэхэ да атаҕастаппат этэ.  Кыргыттарга сыһыана ураты буолара, куруук харыстыы-­араҥаччылыы сылдьара, бэ­­йэлэрэ да ахталларынан, пиэрмэҕэ үлэлии сылдьан кыргыттарга анаан-минээн дьэдьэннээх сирдэри көрдөөн булан, онно сир астата илдьэр эбит. Аармыйаҕа барыар диэри уҥуо­ҕунан лаппа кыра оҕо этэ, кэлэригэр эр киһи көрүҥүн тутан, кэтирээн, уһаан кэлбитэ.

– Байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн барарыгар туох сабыдыалы оҥорбута буолуой?

– Саха ыалын сиэринэн киэһэ чэйдии олорон сэһэргэс­тэхпитинэ даҕаны, Дима улаханнык утарарын биллэрээччи аан дойдуга буола турар быһыыны-майгыны. Эдэр, олоҕу билэ илик оҕолор баралларыттан ордук санааҕа ылларааччы, биһиги курдук олох олорбут, оҕо төрөппүт дьон барыан сөп этэ диэн санаатын үллэстээчи. Мин да өттүбүттэн, ийэтин да өттүттэн эһээлэрэ, убайдара, таайдара бары Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэрэ, бары төннөн кэлбит дьон, онон холобур ылар дьоно куруук аттыгар бааллара. «Туох эбит буолар да күннээх буоллахпына, халтай өлүөм-сүтүөм суоҕа, ааппын ааттатан баран барыам» диэн санаата кытаанах этэ.

– Куйаар ситимин нөҥүө байыаннай дьа­йыыга сылдьар уолаттарбыт сатабылларын, олоххо араас өттүттэн бэлэмнээхтэрин туһунан элбэх видео кэлэр, эн санаа­ҕар, ити төрүөтэ туохха сытарый?

– Ити чахчы баар суол, уолум да кэпсииринэн, бииргэ сулууспалаабыт уолаттара да этэллэринэн, былыргы курдук сүүһүнэн киһини муспакка, аҕыйах уонча эрэ ахсаан­наах бөлөхтөргө араараллар эбит, ол  бөлөхтөргө саатар биир саха баар буоларын ситиһэ сатыыллар эбит. Саха уолаттара блиндаж да оҥорорго, окуопа да хаһарга, кутаа да отторго, ас бүттэҕинэ бултаан-ал­таан даҕаны, олоххо сатабыллара үрдүк эбит. Ити барыта сөпкө иитииттэн дии саныыбын, үлэҕэ сыстаҕас буоларга иитэн таһаарыыттан. Тыа сирин оҕото куорат оҕотуттан сатабыллаах буолар, онон эдэр ыччаты үлэттэн куттаммат, туох баар үлэҕэ барытыгар сыстаҕас, сатабыллаах гынан иитэргэ кыһаныахха наада.

«Эр киһи, табаарыс быһыытынан саамай сөпкө гыммыккын, табаарыскын көмүскэспиккин хайгыыбын, үөрэнээччи быһыытынан оскуола бэрээдэгин кэспиккин, ону сэмэлиибин», –
диэбитим.

– Кинигэ Сахабыт сиригэр буолбакка, Камчатка кыраайыгар тахсыбыт эбит, итини эһиги хайдах билбиккитий, ааптар хайдах сибээстэспитэй?

– Миэхэ ааптар Александр Смышляев Камчаткаттан эрийбитэ, бу эһиги уолгут Камчатка 40-с биригээдэтигэр сылдьан Дьоруой аатын ылбыт, дойдубут биир, онон кини туһунан, бэйэбит уолбут курдук са­­наан туран, кинигэ таһаарары гынабыт диэн. Мин наады­йар матырыйаалларын барытын ыытан, бииргэ сулууспалаа­быт уолаттарын кытта сибээс­тээн биэрбитим. Биирдэ даҕаны Саха сиригэр сылдьыбатах киһи диэтэххэ, ыраахтан олорон эрэн бэркэ суруйбут дии саныыбын, кинигэ табыллыбыт. Саха сирин дэлэгээссийэтэ Камчаткаҕа бара сылдьан саха уолун туһунан кинигэ таһааран эрэллэрин истэн, «Айар» кинигэ кыһатын генеральнай дириэктэрэ Август Васильевич Егоров кинигэ быраабын ылан, манна саха тылынан таһаарыах буолбуттар этэ.

– Оҕолорго, эдэр ыччакка тугу этиэҥ этэй?

– Элбэхтик успуордунан дьарыктаныахха наада, эти-сиини чэбдигирдэн, туох баар үлэни барытын кыайарга, сатыырга дьулуһуохха наада, кыаммакка-мөлтөххө куруук көмүскэһэ-көмөлөһө сылдьарга үөрэниэхтээхтэр. Мин уолум оннук киһи этэ. Оскуолаҕа кыра кылааска үөрэнэ сылдьан оҕону кырбаата диэн дириэктэргэ ыҥыран турардаахтар, «тоҕо оҕону кырбаатыҥ?» диэн ыйыппыппар, «табаарыспын, миигиннээҕэр кыра уолу, кырбаабыта, ону иэстэспитим»  диэбитэ. Онуоха мин:  «Эр киһи, табаарыс быһыытынан саамай сөпкө гыммыккын, табаарыскын көмүскэспиккин хайҕыыбын, үөрэнээччи быһыытынан оскуола бэрээдэгин кэспиккин, ону сэмэлиибин», – диэбитим, баҕар, итинник иитии даҕаны сабыдыал­лааҕа буолуо, «Осина» тирэх пууну соҕотоҕун ылан, Дьоруой үрдүк аатыгар түһэриллэн баран, табаарыһын Ронины быыһыы киирэн ик­­киэн былдьаммыттара. Ийэтин сүрэҕэ тулуйбатаҕа, уола суох буолбутун истэн баран, аҕыйах хоноот сырдык тыына быстыбыта.

– Николай Алексеевич, эйиэхэ Дьоруой киһини иитэн таһаарбыккар махтанабыт.

– Мин иитиим үксэ хонтуруол буоллаҕа, ийэтэ улахан оруоллаах кини иитиитигэр, үөрэммит оскуолата, учууталлара, бииргэ алтыспыт, үлэлээбит дьонноро, доҕотторо, бары – кини Киһи буолан иитиллэн тахсарыгар улахан сабыдыаллаахтар.  Дьоруой буолан төрөөбөттөр, иитиллэн тахсаллар.

СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин медиа-киинэ.
Хаартыска: СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин медиа-киинэ

+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
17 ноября
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: