Салгыы
Ньургуйаана Захарова: «Кыайыы туһугар бары түмсүөҕүҥ!»

Ньургуйаана Захарова: «Кыайыы туһугар бары түмсүөҕүҥ!»

Ааптар:
18.10.2022, 15:05
Бөлөххө киир:

Арассыыйа-Украина сыһыаннарыгар уонна быстах хомуурга биир дойдулаахтарбыт, салайааччылар, уопсастыбанньыктар санааларын үллэстэллэр, биир санаанан салайтаран, дойдубут туһугар түмсүөххэйиҥ дииллэр. 

Ньургуйаана Захарова, норуот дьокутаата: 

— Биһиги эһэлэрбит, эбэлэрбит олохторун толук ууран туран, Аҕа дойду улуу сэриитигэр кыайбыттара. Кинилэр үтүөлэринэн хас да көлүөнэ сэрии диэн тугун билбэккэ дьоллоохтук улааппыппыт. Бу тирээн кэлбит ыарахан кэмҥэ киһи инникини ыраҥалыыра, туох ханнык буолуон сыаналыыра уустук. Арассыыйа ыкса кыраныыссатыгар Украинаҕа национализм халабырдьыттарын утары анал эпэрээссийэ буола турар. Арассыыйаны хам баттаары араас омук дойдуларыттан мунньустубут реакционнай күүстэр биһиги дойдубутун утары туруннулар диэн бары истэ-билэ сылдьабыт.

Сахабыт сириттэн элбэх киһи мобилизацияҕа ыҥырыллан, дойдубутун көмүскүүр санааттан доброволеһынан баран хорсуннук анал эпэрээссийэҕэ кытта сылдьаллар. Манна дойдубутугар хаалбыт дьон, биһиги, кинилэри өйөөн, санааларын көтөҕөн, күүстэригэр күүс эбэн, сомоҕолоһон бары кыайыы туһугар биир баҕа санаанан сиэттэрэн үлэлиэхтээхпит, олоруохтаахпыт. Билигин  “информационнай сэрии” буола турар, онтон-мантан кэлбит сымыйа сурахтары утары үлэни ыытыах тустаахпыт. Ыарахан кэмҥэ барыбытыттан күүстээх санаалаах, мындыр толкуйдаах, киэҥ көҕүстээх буоларбыт тоҕоостоох дии саныыбын. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит анал эпэрээссийэ кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр тустаах миэрэлэри суһаллык ылынарга үлэ ыытабыт. Ону таһынан биирдилээн дьоҥҥо көмөнү эмиэ оҥоробут.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: