Оҕону эккирэппит киһи тыйаатыр артыыһа эбит…
Олунньу 12 күнүгэр Дьокуускайга Хабаров уулуссатыгар оскуола саастаах оҕону мааскалаах эр киһи эккирэппитин туһунан суруйан турабыт.
Ол курдук уолчаан киэһэлик маҕаһыынтан тахсыбытын кэннэ, кинини билбэт киһитэ эккирэппит. Оҕо ийэтэ полиция үлэһиттэригэр тута иһитиннэрэн, Дьокуускай куорат 4 №-дээх полиция салаатын үлэһиттэрэ туһааннаах эр киһини булан туппуттар. Ол курдук эр киһи улуус тыйаатырын 28 саастаах артыыһа буолара биллибит. Полиция салаатыгар эр киһини тутан аҕалбыттарын кэннэ, кини оҕону куттаары буолбакка, доҕорун көрсөөрү ыксаан сүүрбүтүн туһунан иһитиннэрбит.
Арассыыйа Федерациятын административнай быраабы кэһии кодексын 19.3 ыст. эр киһини административнай эппиэтинэскэ тардыбыттар. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн быһаарыныы ылынылларын туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: