Салгыы
«Омук устуоруйата —  кини дьоруойдарын устуоруйата»

«Омук устуоруйата —  кини дьоруойдарын устуоруйата»

27.09.2024, 11:31
Хаартыска: А.Сорокин (СИА)
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэбит  Судаарыстыбаннаһын күнүн бэлиэтиибит. Бу  күн саха норуотун үйэлээх устуоруйатыгар суруллан, кэлэр кэнчээри ыччаппыт, омукпут сайдар суолугар бигэ тирэх буолбута.

Судаарыстыбаннас күнүн суолтатын, бэйэтин анаарыытын СӨ Ил Дархана Айсен Николаев сүбэһитэ Игорь Игнатьевич Николаев маннык үллэһиннэ:

— Саха омук былыр-былыргыттан араас уустук, дьылҕаны быһаарар тургутуулары туораан,  бүгүҥҥү күннээххэ тиийэн кэллэҕэ. Дьэ ол иһин, бу үлүгэрдээх тыйыс айылҕаҕа, хас да хаттыгастаах баттабыл аннынан олорон эстэн хаалбакка, сайда-үүнэ турдахпыт.

Тыйыс айылҕа ытарчалыы ылар күүһүн, улахан омук хам баттааһынын кыайан тулуйбакка,  Сибииргэ олохсуйан олорбут элбэх араас омук сороҕо имири эһиннэ, сороҕо эстэр суолга өрүттүбэттик үктэннэ, сороҕо суураллан симэлийдэ. Оттон биһиги, сахалар,  Сибиир олохтоох омуктарыттан ахсаан өттүнэн саамай элбэх ахсааннаах омук буоллубут. Тылбытын, култуурабытын, төрүт сиэрбитин-туоммутун, омук быһыытынан уратыбытын хас эмэ сүүһүнэн сылларга оҕолуу бүөбэйдээн тыыннаах аҕаллыбыт.

Ааспыт сүүрбэһис үйэ саҕаланыытыгар Арассыыйа империята урусхалланан, улахан хаан тохтуулаах гражданскай сэрии саҕаланан,  омук инники дьылҕата быһаарыллар түгэнэ үөскээбитигэр, сахалар кэскиллээх омук буоларбытын дакаастаан, бу тургутууттан кыаҕыран-күүһүрэн, өссө автономнай өрөспүүбүлүкэлэнэн тахсыбыппыт. Омукпут сайдар суолга эрэллээхтик үктэммитэ.

Күүстээх омук буоламмыт,  сахалар бэйэбит испититтэн уһулуччулаах дьону бэлэмнээн, былдьаһыктаах кэмҥэ омугу салайар-сирдиир уолаттардаах буолан биэрбиппит.

Кинилэр:  Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков уо.д.а. биһиги дьылҕабытын быһаарбыттара, кыайыыга аҕалбыттара. Ол иһин: «Омук устуоруйата —  кини дьоруойдарын устуоруйата», — диэн бэрт былыргы муударас баар эбит.  Хас биирдии итинник тумус туттар сүдү дьоммутун умнубакка, кинилэр ааттарын ытыктыах, олорбут олохторугар сүгүрүйүөх, холобур оҥостуох тустаахпыт.

Саха омукка эрэ буолбакка, урукку Сэбиэскэй Сойуус бары да омуктарыгар биир уустук кэрдиис кэминэн 1990-с сылларга улуу дойдубут үрэллиитэ, онтон сылтаан норуоппут хаһаайыстыбата сатарыйыыта, экэниэмикэ бары көрүҥэр таҥнары барыы, дьон майгыта-сигилитэ алдьаныыта буолбута.

Биһиги дьолбут   сахалар итинник уустук тургутуу кэмигэр эмиэ омук лиидэрдэрэ буолар, сүдү ыарахан эппиэтинэһи бэйэлэригэр ылынар кыахтаах ураты хаачыстыбалаах, эр санаалаах, эргиччи бэлэмнээх дьонноох буолан биэрбиппитигэр сытар. Саха омук бу тургутуу сылларын бэйэ бодотун тардынан эрэллээхтик туораабыта, мөлтүүр-ахсыыр оннугар эбии сайдан, кыаҕыран ордук элбэх болмуочуйалаах, бырааптаах иккис өрөспүүбүлүкэлэнэр кыахтаммыппыт.

Иккис өрөспүүбүлүкэбит архитектордарынан омукпут лиидэрин  Михаил Николаевы, кини соратнигын Климент Ивановы дьоммут-сэргэбит ааттыыра сөптөөх.

Биллэн турар,  итинник улахан ситиһиилэр дьиҥнээх биир сыаллаах-соруктаах, биир сомоҕо хамаанда барытын үлэтин түмүгэр эрэ кыаллаллар. Михаил Ефимович, Климент Егорович уһулуччулаах ситиһиилэринэн биир өйүнэн-санаанан салайтарар олус үрдүк таһымнаах хамаанданы сатаан сүүмэрдээбиттэригэр сытар. Кинилэр ортолоругар Василий Власовы, Матвей Мучины, Василий Кириллины, Андрей Борисовы, Егор Жирковы, Макар Яковлевы уо.д.а. ааттыыр булгуччу наадалаах. Биһиги үксүбүт ити кэм кэрэһиттэрэ буолабыт, онон хайдахтаах курдук уустук быһыыга-майгыга, хайдахтаах унньуктаах уһун киирсиилэр түмүктэригэр иккис өрөспүүбүлүкэ ситиһиллибитин, туруктаах буолбутун билэбит.

Итини барытын учуоттаан,  Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев  Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Судаарыстыбаннаһын күнүн иннинэ саҥа олохтоммут «Во славу и на пользу республики» диэн бастакы нүөмэрдээх бочуоттаах бэлиэни Климент Егорович Ивановка туттарда.

Бу өрөгөй күнүгэр биһиги икки өрөспүүбүлүкэбитин олохтообут уонунан дьоннорбутун, өрөспүүбүлүкэбит сайдарын, туругурарын туһугар турууласпыт, күүстэрин харыстаабакка үлэлээбит тыһыынчанан дьоммутугар сүгүрүйүөх тустаахпыт.

КҮННЭЭХ БЫЛААХ

(Бастакы Бэрэсидьиэҥҥэ)

Күннээх халлаан лоскуйун

Мин илиибэр ылабын,

Сахам ыра санаатын

Түөспэр ыга тутабын.

Айыым сирин үрдүнэн

Алгыс аман күүһүнэн

Киирбэт күнү дьүһүйбүт

Килбиэн кэми өйдүүбүн:

Күнтэн эрэ тэһииннээх

Күн улууһа буоларга

Күннээх былаах ыҥыра

Күлүмүрдээн кэлбитэ.

Хара былыт халыйбат,

Хаардаах самыыр баһыйбат

Халлаан унаар урсуннаах

Хаарыан кэмэ күүппүтэ!

Ыра санаа — ытык сирдьит

Ырааҕы да чугаһаппыт,

Көҥүллэммэт Көҥүл кэрэ

Ырыаларын ыллаппыт…

Сайа (2000 с.)

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: