От ыйын 1 күнүттэн кыраныысса таһынааҕы пааспар пошлината 20% үрдүүр
Бэрэсидьиэн Владимир Путин Ыйааҕынан бу сыл от ыйын 1 күнүттэн кыраныысса таһыгар тахсарга аналлаах пааспары уонна атын да докумуоннары ыларга судаарыстыбаннай түһээн (пошлина) 20% үрдүөҕэ.
Кыраныысса таһынааҕы биометричэскэй пааспары биэрии 5000 солкуобайтан 6000 солкуобайга диэри үрдүөҕэ. Оттон 14-гэр диэри саастаах оҕолорго — 2500 солкуобайтан 3000 солкуобайга диэри үрдүүр. Саҥа пааспар 10 сылга диэри болдьоххо бэриллэр. Маны таһынан Арассыыйа олохтоохторо 5 сылга болдьоххо биометричэскэй дааннайдара суох пааспары эмиэ оҥотторуохтарын сөп. Улахан дьоҥҥо өҥө сыаната — 2000 солк., оттон оҕолорго — 1000 солк. буолар.
Ону тэҥэ, омук дьонугар бэриллэр докумуоннарга пошлина үрдээтэ. Олорору көҥүллүүр докумуон (вид на жительство) — 800 солкуобай, быстах олорору көҥүллүүр докумуон — 1920 солкуобай, Арассыыйа визатын уһатыы — 1200 солкуобай, омук дьонун үлэҕэ ыларга көҥүллүүр докумуон — 12 000 солкуобай, Арассыыйаҕа үлэлииргэ көҥүллүүр докумуон — 4200 солкуобай буолуоҕа. Бу иннинэ кыраныысса таһынааҕы пааспары ыларга, төттөрүтүн, «Госуслуги» порталга 20%-наах чэпчэтии баар этэ. Бу чэпчэтии быйылгыттан тохтообута.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: