Паромҥа төлөбүр араастаһар. Тоҕо?
19.10.2022, 11:12
Бөлөххө киир:
«Администрация Ленского Бассейна» ФБУ быһаарыытынан, алтынньы 18 күнүттэн навигация сабылынна. Онон, бу кэмтэн ыла, Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан паром сырыытыгар үрдэтиллибит тарыып олохтонор. Бу туһунан Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Метеорологическай быһыы-майгы кытаатан паромунан таһаҕаһы тиэйээччилэр ороскуоттара улаатар. Ол иһигэр уматыкка ороскуоттара үрдүүр, үлэһит ахсаана элбиир итиэннэ кыдьымах таҕыстаҕына буксир өҥөтүнэн туһаныылара үксүүр.
Бэҕэһээ, алтынньы 18 күнүгэр, СӨ сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Винокурова тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцевтыын паромнаах урбаанньыттары уонна атыы-эргиэн салаатын бэрэстэбиитэллэрин кытары көрүстүлэр.
Ол курдук, кэпсэтии түмүгүнэн, социальнай суолталаах аһы-үөлү паромунан сайыҥҥы тарыыбынан тиэйии боппуруоһа өйөннө.
«Ассоциация строителей АЯМ» ХЭУо хапытаана Владимир Козлов Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан метеорологическай усулуобуйа кытааппыт кэмигэр, бэйэлэрин причалларыттан тырааныспар бары көрүҥүн сайыҥҥы сыананан таһарга быһаарыныы ылыммыттарын туһунан эттэ.
Оттон атыттар социальнай суолталаах аһы-үөлү таһар массыыналары сайыҥҥы тарыыбынан туоратыахтара.
Социальнай суолталаах аска-үөлгэ туох киирэрий?
1. Бурдук
2. Үүнээйи арыыта
3. Үүт, үүт бородууктата
4. Ынах, сибиинньэ, убаһа, куурусса этэ
5. Саахар
6. Туус
7. Куруппа
8. Сымыыт
9. Оҕо аһылыга
10. Чэй
11. Ынах арыыта
12. Кондитерскай, бурдук аһылык (кэмпиэт, бэчиэнньэ)
13. Кэнсиэрбэ (плодово-овощная, рыбная, мясо-растительная).
Санатан эттэххэ, метеорологическай усулуобуйа кытааппыт кэмигэр Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан сылдьар паромнар тарыыптара 2016 сыллаахха олохтоммут туругунан хаалла.
N |
Наименование |
Условная масса, тн. |
Тариф, в руб. с НДС |
1. |
Груз за 1 тонну |
1 |
980 |
2. |
Легковые а/машины |
||
2.1. |
до 1,1 |
685 |
|
2.2. |
от 1,1 до 1,5 тн. |
1 100 |
|
2.3. |
от 1,5 до 1,6 тн. |
1 515 |
|
2.4. |
от 1,6 до 2,0 тн. |
1 920 |
|
2.5. |
от 2,0 до 2,5 тн. |
2 485 |
|
2.6. |
от 2,5 до 3,0 тн |
2 940 |
|
3. |
Грузовые автомашины |
||
3.1. |
класс Газель всех моделей и др. а/м соотв. усл. веса |
3,5 |
3 450 |
3.2. |
класс «ГАЗ-» всех моделей |
8 |
7 870 |
3.3. |
класс «ЗИЛ» бортовой |
13 |
12 710 |
3.4. |
класс «УРАЛ», «КАМАЗ», «МАЗ» г/п от 8 — 10 т, в т.ч. бортовые иномарки от 6 — 8 т. (порожний) |
18 |
17 545 |
3.5. |
класс «УРАЛ», «КАМАЗ», «МАЗ» г/п от 8 — 10 т, в т.ч. бортовые иномарки (груженый) |
28 |
27 365 |
3.6. |
класс «КАМАЗ», полуприцеп одноосный, в т.ч. бортовые иномарки г/п от 8 — 10 т (порожний) |
23 |
22 530 |
3.7. |
класс «КАМАЗ», полуприцеп одноосный, в т.ч. бортовые иномарки г/п от 8 — 10 т (груженый) |
43 |
42 015 |
3.8. |
класс «КАМАЗ», «МАЗ», «УРАЛ», «КРАЗ» с прицепом, полуприцепом двухосный до 12 м (порожний) |
32 |
31 375 |
3.9. |
класс «КАМАЗ», «МАЗ», «УРАЛ», «КРАЗ» с прицепом, полуприцепом двухосный до 12 м (груженый) |
52 |
50 865 |
3.10. |
класс «КАМАЗ», «МАЗ», «УРАЛ», «КРАЗ» с прицепом, полуприцепом двухосный свыше 12 м (порожний) |
38 |
37 175 |
3.11. |
класс «КАМАЗ», «МАЗ», «УРАЛ», «КРАЗ» с прицепом, полуприцепом двухосный свыше 12 м (груженый) |
58 |
56 820 |
4. |
Автобусы |
||
4.1. |
автобусы пассажирские до 25 мест |
4,5 |
4 420 |
4.2. |
автобусы пассажирские свыше 25 мест |
7 |
6 905 |
4.3. |
автобусы пассажирские класса Икарус |
8 |
7 875 |
5. |
Спецтехника |
||
5.1. |
Краны г/п до 20 т |
30 |
29 300 |
5.2. |
Краны г/п свыше 20 т |
45 |
44 035 |
5.3. |
Тракторы на гусеничном ходу до 200 л.с. |
20 |
19 630 |
5.4. |
Тракторы на гусеничном ходу свыше 200 л.с. |
30 |
29 305 |
5.5. |
Бульдозеры весом до 40 т |
40 |
39 125 |
5.6. |
Бульдозеры весом свыше 40 т |
45 |
44 105 |
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: