Салгыы
Паромнар сырыылара уустугурара күүтүллэр

Паромнар сырыылара уустугурара күүтүллэр

Ааптар:
16.10.2024, 14:20
Анивера Акимова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Чугаһынан кэмҥэ Саха сиригэр күн-дьыл туругуттан сылтаан — күүстээх тыалтан уонна салгын температурата түһүүтүттэн паромнар сырыылара уустугурара күүтүллэр. Бу туһунан СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Биэдэмистибэ дааннайдарынан, Бүлүү өрүһү туоратар паром күн-дьыл туругуттан көрөн үлэлиэҕэ. Билигин манна паромнар уустук усулуобуйаҕа айанныы сылдьаллар, сотору кэминэн кыдьымах үөскүүрэ сабаҕаланар.

Өлүөнэ өрүһүнэн сырыылар — Дьокуускай-Аллараа Бэстэээх, Хачыкаат-Мохсоҕоллоох, Канагасс-Суотту хайысханан сылдьар паромнар үлэлэрэ алтынньы 18-22 күннэригэр түмүктэнэллэрэ былааннаннар. Алдан өрүскэ Мэҥэ Алдан-Кэскил хайысханан сырыы бу күннэргэ тохтуоҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: