Петр Черкашин: «Биһиги элбэх омуктаах дойдубут уопсай куттал тирээтэҕинэ, өрүү биир сомоҕо буоларынан күүстээх”
«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Саха сиринээҕи салаатын бэлитиичэскэй сэбиэтин президиумун чилиэнэ, Харбааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ анал спортивнай оскуолатын дириэктэрэ, уопсастыбанньык Петр Черкашин Арассыыйа бүттүүнүгэр суоһуур куттал улам улаатарын, ону анал байыаннай эпэрээссийэнэн эрэ туоратар ньыма баарын бэлиэтээн эттэ:
— Арҕаа дойдулар сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэрэ сымыйа сонуннарынан уонна Арассыыйаны утары ис хоһоонноох иэмэ-дьама биллибэт дойҕохторунан туолла. Кинилэр дойдуга судаарыстыбаннай былааһы былдьааһыны кытта сөпсөспөтөх Донбасс олохтоохторо аҕыс сыл устатыгар кыыллыы сойуолааһын батталлаах усулуобуйатыгар олороллорун көрүөхтэрин да, истиэхтэрин да баҕарбаттар. Анал байыаннай эпэрээссийэни саҕалыыр саамай наадалаах уонна сөптөөх. Бу эпэрээссийэ норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр олохтоохторун көмүскээбит эрэ буолбатах — улахан сиэртибэ тахсыытын быдан аҕыйатта.
Арассыыйа аармыйата фашистыы санаалаахтартан эйэлээх олоҕу дьоруойдуу хорсун быһыынан көмүскүүргэ уонна бу иирсээн киэҥ хабааннаах кутталга кубулуйарын бохсорго турунна. Дойду бары эрэгийиэннэрэ, ол иһигэр Саха сирэ, биһиги аармыйабытыгар күүстээх моральнай уонна гуманитарнай көмөнү оҥоро олороллор. Биһиги элбэх омуктаах дойдубут уопсай куттал тирээтэҕинэ, өрүү биир сомоҕо буоларынан күүстээх. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр оннук этэ, билигин да оннук. Сахабыт сирэ бэйэтин көмөтүн күннэтэ ыыта олорор. Ийэ дойдуларын көмүскүү сорох биир дойдулаахтарбыт баҕа өттүлэринэн, үгүстэр быстах ыҥырыынан бардылар. Арассыыйа бары байыаннай сулууспалаахтарыгар дойду салалтата туруорбут соруктарын толорон, этэҥҥэ эргиллэллэригэр баҕарабын!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: