Рамиль Габбасов: «Барыта кыраттан саҕаланар»
Дьокуускайга Бүтүн Арассыыйатааҕы Бойобуой ускуустубалар федерацияларын дириэктэрэ, Арассыыйа элбэх истииллээх карате федерациятын бэрэсидьиэнэ Рамиль Габбасов кэлэн, Өрөспүүбүлүкэтээҕи хомуур хамаандалар спортивнай бэлэмнэниилэрин киинин уонна Бокска олимпийскай эрэллэр спортивнай оскуолаларын кэлэктииптэрин кытта көрүстэ.
Рамиль Габбасов Бүтүн Арассыыйатааҕы Бойобуой ускуустубалар федерацияларын үлэтин-хамнаһын, тэрээһиннэрин туһунан кэпсээтэ. Бойобуой ускуустубалар нөҥүө култуура эмиэ тарҕанар диэн кини эттэ.
— Туох барыта кыраттан саҕаланар. Бойобуой ускуустуба киһини дьулуурдаах, тулуурдаах, үлэһит буоларга, дириҥник ырытан көрөргө үөрэтэр. Биһиги күүстээх санаалаах, кытаанах доруобуйалаах, сыалын-соругун ситиһэр, дьулуурдаах, патриот киһини иитэн таһаарыахтаахпыт. Бу барыта кыра саалаттан, уһуйаантан, оскуолаттан, дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Хас биирдии түһүмэҕэ суолталаах. Эһиги күннээҕи үлэҕит түмүгэ көстүбэт курдук да буоллар, улахан суолталаах үлэни оҥоро сылдьаҕыт, — диэн Рамиль Габбасов эттэ.
Бу көрсүһүүгэ «Чолбон»спортивнай оскуола дириэктэрин солбуйааччы Юрий Баишев, Өрөспүүбүлүкэтээҕи хомуур хамаандалар спортивнай бэлэмнэниилэрин киинин дириэктэрэ Михаил Пахомов уонна Бокска олимпийскай эрэллэр спортивнай оскуолаларын дириэктэрэ Максим Куприянов кытыннылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: