Саха литературатыгар саҥа бөдөҥ арамаан
Ааспыт ый бүтүүтэ Национальнай бибилэтиэкэ историческай саалатыгар биллиилээх суруйааччы Гавриил Иннокентьевич Адамов-Сайдам “Атаҕастабыллаах кырдьык” арамаанын сүрэхтээһин (презентация) үрдүк таһымнаахтык ааста.
Бу уонча сыллааҕыта суруллан бүппүт айымньы үп-харчы көстүбэккэ, бэчээттэммэккэ сыппыт. Хата “Көмүөл” кинигэ кыһата, биллиилээх суруналыыс, суруйааччы Борис Иванович Павлов (чааһынай тэрилтэ) сөбүлэһэн, 1000 ахсаанынан бэчээттээн таһаарбыт.
Борис Иванович арамааны сөбүлээн бэчээттииргэ ылсыбыт. “Бэрт сотору тарҕанан бүтэрэ буолуо”, — диэн кэпсээтэ.
Өрөспүүбүлүкэбит үтүөлээх үлэһиттэрэ, геологтар, экологтар, учууталлар, суруйааччылар, суруналыыстар арамааны улаханнык хайҕаатылар, кэмигэр тахсыбыт туһалаах айымньынан сыаналаатылар.
Садын оройуонун Туой Хайатыттан төрүттээх Сэмэн Мэнкээрэп Чурапчы кыыһын Анисияны Чурапчы педучилищетыгар үөрэнэ сылдьан билсэн, таптаһан ыал буолбуттар. Суруйааччы кинилэр учууталлаабыт олохторун нөҥүө саха омукка XX үйэҕэ буолбут 2 улахан алдьархайы: сэрии, сут-кураан сылларыгар Чурапчы холкуостарын хоту көһөрүүнү уонна алмаас көстөн, ону хостооһуну хааччыйар сыаллаах Бүлүү ГЭС тутулларыгар, муора анныгар тимирбит Туой Хайа алдьархайын, ол олохтоохторго хайдах дьайбыттарын уустаан-ураннаан көрдөрөр. Арамаан былаһын тухары экология боппуруостара сытыытык тураллар, оччотооҕу салалта дьоҥҥо толоос сыһыанын, сыыһатын-халтытын кэпсиир. Манна суруйааччы Анисия Алексеевна күннүгүн, кистэлэҥ санааларын сатабыллаахтык, суруйар ньыма быһыытынан туттара бэркэ табыллыбыт.
Тыл эппиттэр арамааҥҥа билиҥҥи кэмҥэ экология, айылҕаны харыстааһын сытыы боппуруостара элбэҕин бэлиэтээн, кэлэр сылларга ордук сытыырхайар кыахтаахтарын тоһоҕолоотулар. Ол курдук, үтүөлээх геолог Н.Д.Кириллин, эколог И.С.Бурцев, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Г.М.Артемьев илин эҥэр улуустарга алмааһы, атын да сиртэн хостонор баайдары хостооһун үөрэтиллэ сылдьалларын ахтан туран, бэлэмнэнии үлэ барыахтааҕын эттилэр, онно сыһыаннаан саҥа арамаан суолтатын бэлиэтээтилэр. Чопчу туһалаах (прикладной) айымньы суруллубутунан суруйааччыга махтаннылар, литературнай бириэмийэҕэ түһүөн сөптөөҕүн эттилэр, суруйааччы бэйэтэ эмиэ бэлиэтэнэрэ тоҕоостооҕун ыйдылар. Бу этиилэри өйөөн, сүрэхтээһин кыттыылаахтара дохсун ытыс тыаһын бэлэхтээтилэр.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр Туой Хайаттан төрүттээх, Монреаллааҕы Олимпиада үрүҥ көмүс призера, үтүөлээх тириэньэр Александр Иванов биллиилээх суруйааччы, СӨ үтүөлээх юриһа Михаил Иванов-Чуона Мэхээлэ уо.д.а. суруйааччыга махтаннылар, айымньыны хайҕаатылар, Мииринэйгэ ыҥырдылар, кинигэ сүрэхтэниитин оҥорорго көрдөстүлэр.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр эдэр айар үлэһиттэр кыттыбыттара уонна сонун этиилэри эппиттэрэ кэрэхсэбиллээх. Ол курдук, уус-уран киинэни оҥорор наадатыгар айымньыны нууччалыы тылбаастыырга баҕаларын биллэрдилэр. Киһи өйүүр, бэлиэҕэ ылар этиилэрэ! Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Владислав Доллооноп тыл эттэ, этиилэри бэлиэҕэ ылла.
Кырдьаҕас учуутал, суруйааччы дьиэ кэргэнин чугас киһитэ В.Г. Макарова Гавриил Иннокентьевич кэргэнин Раиса Семеновнаны, оҕолорун истиҥ-иһирэх тылынан аҕынна. Суруйааччы оҕолорго, ыччаттарга анаабыт хоһоонноро, кэс тыла оскуолаҕа үөрэтиллибиттэрэ ырааппытын, туһалаахтарын туһунан эттэ.
Тыл эппит дьон арамаан табыллыбытын, саха литературатыгар ситиһии буоларын чорботон бэлиэтээтилэр. Суруйааччы тыла-өһө баайын, айылҕаны олус үчүгэйдик ойуулуурун, арамаан дьоруойдарын итэҕэтиилээхтик араас быһыыга-майгыга көрдөрөрүн ойуччу ыйдылар.
Арамааны ырытан, сөбүлээн Москваттан, бэл Парижтан рецензия ыыппыттар, кинигэ сакаастаабыттар.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр элбэх киһи тыл эттэ, айымньынан астыналларын, биир тыынынан аахпыттарын, олус сөбүлээбиттэрин биллэрдилэр.
ххх
Тус бэйэм Гавриил Иннокентевиһы оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпиттэн билэбин. Кини Чурапчы Дириҥэр, мин Мэҥэ Бүтэйдээҕэр үөрэммиппит. Үөрэммит оскуолаларбыт сибээстээх этилэр, хардарыта сылдьыһарбыт, үөрэххэ, успуорка күрэхтэһэрбит. Аармыйа кэнниттэн Гавриил Иннокентьевич СГУ устуоруйа салаатыгар үөрэнэ киирбитэ, онон биир кэмҥэ үөрэммиппит. Кини көхтөөх уопсастыбанньык этэ, үчүгэйдик ыллыыра, элбэх бэйэтэ айбыт ырыалардаах, композитор З.К.Степановы кытта бииргэ Опера уонна балет тыйаатырыгар кэнсиэр көрдөрбүттэрэ (Гиимин да буолар ырыалардаах). Университеты бүтэрэн баран, кэргэнин дойдутугар Кэбээйигэ, дойдутугар Чурапчыга араас салайар үлэлэргэ үлэлээбитэ, тыа борустуой дьонугар өрүү чугас этэ.
Саҥа тахсыбыт бу бөдөҥ айымньытыгар суруйааччы элбэх ааҕааччыны долгутар боппуруостары көрөр, көтөҕөр. Холобур, учуутал уонна кини үөрэнээччилэрин сыһыаннара, саха ыччата тутууга киирэн эрэрэ суруйааччы болҕомтотун тардаллар.
Түмүктээн эттэххэ, суруйааччы саҥа айымньыта ааҕааччыга сөбүлэппит, тутаах боппуруостары кэмигэр көтөхпүт. Саха литературатыгар биир биир бөдөҥ айымньы – уус-уран арамаан баар буолбут. Талааннаах романист-суруйааччыны Гавриил Иннокентьевич Адамовы-Сайдамы ситиһиитинэн эҕэрдэлиибит, саҥа айымньылары күүтэбит!
Егор ШИШИГИН, РФ,СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Духуобунас Академиятын Бочуоттаах академига, СӨ Ытык Сүбэтин чилиэнэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: