Саха сирэ байыаннай дьайыы хонуутугар «Бэргэн» вездеходтары ыытыаҕа
Бу нэдиэлэҕэ байыаннай дьайыы хонуутугар Саха сирэ өссө икки «Бэргэн» снегоболотоходтары ыытыаҕа. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин гражданскай оборуонатын дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар миниистирэ Дмитрий Лепчиков иһитиннэрдэ.
«Саха сирин суһал ыстааба байыаннайдарга эбии оборудование саҥа испииһэгин бигэргэттэ. Хантараак түһэрсиигэ атыылаһыы үлэтэ оҥоһуллар», — диэн миниистир бэлиэтээтэ. Кини СӨ Бырабыыталыстыбата байыастарга наадалаах көмөнү оҥорбутун бэлиэтээтэ.
«Анал байыаннай дьайыы кыттааччыларын оборудованиенан хааччыйыыга үлэлэр салҕаналлар», — диэтэ Дмитрий Лепчиков.
Урут этиллибитинэн, «Сокол» квадроциклтан Саха сирин хампаанньатын «Бэргэн» вездеходтара сабыылаах кузовтаахтар. Массыына уйуга биир туоннаттан тахса. Саха сирин булчуттарыттан уонна балыксыттарыттан үчүгэй сыанабылы ылан, көһөрүллэ сылдьан, ыраах сирдэринэн бу күннэргэ бойобуой усулуобуйаҕа тургутууну ааһаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: