Саха сиригэр быйыл бастакытын бизоннар төрөөтүлэр
23.04.2024, 07:30
"Заповедная Якутия" телеграм-ханаалтан.
Бөлөххө киир:
Горнай улууһугар баар Тыымпынай питомникка муус устар 17-18 күннэригэр быйыл бастакы бизоннар төрөөтүлэр. Бу күннэргэ үс бизон оҕото күн сирин көрбүт.
Питомник үлэһиттэрэ этэллэринэн, бизон оҕолорун туруктара этэҥҥэ, номнуо хааман эрэллэр үһү. Бу туһунан «Заповедная Якутия» диэн телеграм-ханаал суруйар.
Бизоннар төрүөхтэрэ муус устартан от ыйын ортотугар диэри буолар. Манна сыллата 30-35 бизон төрүүр.
+1
3
+1
+1
+1
+1
+1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: