Салгыы
Саха сиригэр Оҕо саас сылын ыытыы сүрүн тэрээһиннэрин былаана бигэргэннэ

Саха сиригэр Оҕо саас сылын ыытыы сүрүн тэрээһиннэрин былаана бигэргэннэ

18.03.2024, 11:46
Уруһуй minobrnauki.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

2024 сыл Саха сиригэр Оҕо саас сылынан биллэриллибитэ. Бу бэлиэ сыл былаанын СӨ Бырабыыталыстыбата кулун тутар 13 күнүгэр бигэргэттэ. Манна туох тэрээһин киирэр эбитий?

Былаантан көстөрүнэн, Оҕо саас сылын тэрээһинэ баай ис хоһоонноох буолсу. Ол курдук, оҕо сайдыыта, доруобуйата, үөрэҕэ, ситиһиитэ барыта хабыллар.

Былаан түөрт бастан турар: “Тас эйгэ”, “Эргимтэ –төрөппүт, дьиэ кэргэн, социум”, “Оҕону бары өттүнэн сайыннарыы, үөрэтии, иитии”, “Сүрүн тэрээһиннэр”. Хас биирдии баһы тэрээһиннэринэн “Куттала суох оҕо саас”, “Арктикаҕа Оҕо саас сыла”, “Оҕолоох ыал бигэ туруктаныыта”, “Үлэ чиэппэрэ”, “Личноһы сайыннарыы” тус сыллаах биэдэмэстибэннэй бырайыактарга тыырбыттар.

Биир бэйэм былааҥҥа аҥардас бырааһынньыктары эрэ буолбакка, оҕо көмүскэлигэр туһаайыллыбыт тэрээһиннэри кэрэхсии көрдүм. Холобур, “Оҕону быыһаа!” суһал-сэрэтэр тэрээһин иитинэн хабыр сыһыаны уонна табыллыбатах дьиэ кэргэни кытта үлэҕэ, ону туоратыыга туһаайыллар. Аны үөрэххэ ураты ирдэбили эрэйэр оҕолору көрөр соруктаах Арктика бары 13 улууһугар психологтар, миэдиктэр, педагогтар хамыыһыйалара тиийэрэ былааннанар эбит. Итиэннэ төрөппүттэри кытта киэҥ хабааннаах тэрээһиннэри ыытыыга, эппитинэстээх буолууга туһаайыллыбыт үлэлэр киирбиттэр. Ил Дархан иһитиннэрбит “Саха сирин кырачаан олохтооҕун каартата” бырайыагы олоххо киллэрии эмиэ киирэ сылдьар. Былаантан көрдөххө туһалаах хамсаныылар ыытыллаллара сабаҕаланар.

Биллэн турар, Оҕо саас сылын өрөспүүбүлүкэ министиэристибэлэрэ, биэдэстибэлэрэ бары кыттыһан ыытыахтара. Оҕо саас сылын былаанын сиһилии манна көрүҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: