Салгыы
Саха сиригэр отут ойуур баһаара умуруорулунна

Саха сиригэр отут ойуур баһаара умуруорулунна

Ааптар:
29.06.2024, 20:52
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа уопсайа 59,2 тыһ. га иэннээх сири хаппыт 30 ойуур баһаара уонна 1, 5 тыһ. га иэннээх сири хаппыт биир ландшафтнай баһаар умуруоруллубут.

Маны сэргэ, уопсайа 6,5 га иэннээх сири хаппыт икки ойуур баһаара булуллубут. Бу туһунан бүгүн, бэс ыйын 29 күнүгэр, киэһээҥҥи брифиҥҥэ СӨ экологияҕа миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар бу киэһээҥҥи иһитиннэриинэн, 138 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 526 тыһ. га) уонна Аллайыаха улууһугар 1 ландшафтнай баһаар (уот хаппыт уопсай иэнэ 2,5 тыһ. га) баара бэлиэтэнэр. Итинтэн Дьааҥы, Өлүөхүмэ, Орто Халыма улуустарыгар уоту утары охсуһааччылар күүстэринэн  6 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 26,8 тыһ. га) бохсуллубут.

Ойуур уотун умулларыыга барыта 1429 киһи уонна 77 тиэхиньикэ үлэлиир.

10  нэһилиэнньэлээх пуунтан 15  км. тэйиччи баар 11 ойуур баһаара хонтуруолга тутуллар. Куттал нэһилиэнньэлээх пууннарга суоһаабат.

Бүгүн 19 салгын аала ботурууллаабыт, 9 — ойуур баһаарын умуруорууга үлэлээбит. Маны сэргэ, үс зондировщик-самолет уонна Бе-200 дьуһуурустубалыыллар.

Ил Дархан ыйааҕынан, бэс ыйын 26 күнүгэр эрэгийиэн сиригэр-уотугар баһаары утары ураты эрэсиим биллэриллибитэ. Ураты эрэсиим Алдан, Амма, Бүлүү, Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Өлүөхүмэ, Муома, Мэҥэ Хаҥалас, Нерюнгри, Нам, Сунтаар, Орто Халыма, Томпо, Таатта, Хаҥалас, Чурапчы, Уус Алдан, Уус Маайа улуустарыгар уонна Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар биллэриллибитэ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 июля
  • 23°C
  • Ощущается: 23°Влажность: 60% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: