Саха сиригэр тутуу аныгы матырыйаалын туһаныахтара

Саха сиригэр тутуу аныгы матырыйаалын туһаныахтара

28.03.2024, 14:46
Хаартыска -- Мария Васильева /СИА
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр вермикулиты туһанан каркастаах дьиэ технологиятынан тутуу бырайыагын олоххо киллэрэргэ былаанныыллар.

СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустан Борисов өрөспүүбүлүкэҕэ оҥорон таһаарар тутуу матырыйаалын көдьүүстээхтик туһаныыга дьүүллэһии мунньаҕын ыытта.

Көрсүһүү кэмигэр тутуу матырыйаалын оҥорон таһаарар саамай бөдөҥ «Сивер бөлөх» салайааччыта Александр Прищеп Саха сирин соҕуруу өттүнээҕи территориятыгар Алдан оройуонугар эрэгийэҥҥэ соҕотох, Арассыыйаҕа биир кэскиллээх вермикулит хостонор сирэ баарын бэлиэтээтэ.  Кини тутуу бу матырыйаалын туһунан холобурдары аҕалан билиһиннэрдэ.

Вермикулит истиэнэни, муостаны, дьиэ өһүөтүн ититиигэ, бетону оҥорууга, дьиэ истиэнэтин сыбыырга туттуллар. Саха сиригэр вермикулиттан бородууксуйаны оҥорон таһаарыыны сайыннарар инниттэн “Якутия“ уруутаан сайдыы территориятыгар производственнай учаастагы тутуу соруга турар.

«Бу кэскиллээх инвестиция бырайыага өрөспүүбүлүкэҕэ олоххо киирэр кыахтаах. Олохтоох уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр эбии нолуок киириитин үрдэтиэҕэ, үлэ миэстэтин элбэтиэҕэ», – диэн бэлиэтээтэ Дьулустан Борисов.

Мунньахха “Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын корпорацията” эригийиэннэри кытта үлэни салайар Вячеслав Маппаров, «ЯкутПНИИС» АК генеральнай дириэктэрэ Василий Ефимов, «Восток» ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Дмитрий Ходжер кытыннылар.

Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: