Саха сирин кыра нэһилиэктэригэр киинэ саалалара аһылыннылар
Алтынньы 4 күнүгэр Саха сирин 40 нэһилиэктэригэр киинэ саалалара аһылыннылар.
Олортон биирдэстэрэ 800-чэкэ нэһилиэнньэлээх Төхтүр сэлиэнньэтин култууратын дьиэтигэр үлэлээтэ. Бастакы көрөөччүлэр аһыллыы күнүгэр«Там, где танцуют стерхи» сахалыы киинэни босхо көрдүлэр. Киинэ саалатыгар Хаҥалас улууһун араас сэлиэнньэлэриттэн дьон-сэргэ муһуннулар.
Покровскай куорат олохтооҕо Гера Шишигина этэринэн, киинэ саалата нэһилиэк дьон-сэргэтин түмүөҕэ, ону кытта сынньалаҥ күннэри атаарарга интэриэһинэй буолуо диэн бэлиэтиир. Көрөөччү култуура дьиэтигэр ааспыт күрэхтэһии кэнниттэн тутатына киинэ саалата аһыллыытыгар кэлбит.
«Урут 1 №-дээх Покровскайдааҕы орто оскуолаҕа учууталынан үлэлээбитим, оттон билигин биэнсийэҕэ олоробун. Киинэ, биллэн турар, олохтоох дьону-сэргэни түмэр. Билигин араас киинэлэр олус элбэхтэр. Арассыыйатааҕы эрэ буолбакка, биһиги саха киинэлэрбит эмиэ бааллар. Бүгүн манна Хаҥалас улууһун бэтэрээннэрин ортолоругар успуорт араас көрүҥнэригэр күрэхтэһиилэр ыытылыннылар. Күрэхтэһии кэнниттэн сахалыы киинэни көрүөххэ олус үчүгэй», — диэн Гера Шишигина кэпсиир.
Санатан эттэххэ, саҥа киинэ саалалара Амма, Аллайыаха, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Горнай,Эдьигээн, Кэбээйи, Нам, Ньурба, Мэҥэ Хаҥалас, Өймөкөөн, Сунтаар, Таатта, Томпо, Хаҥалас, Чурапчы уонна Эбээн Бытантай улуустарын нэһилиэнньэлээх пууннарыгар аһыллыбыттара. Билигин Саха сиригэр барыта 70-ча киинэ саалата баар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: