Саха сирин спортсменката Надежда Татарченко дзюдоҕа Арассыыйа чөмпүйэнээтин үрүҥ көмүс мэтээлин ылла
Ленскэй оройуонуттан дзюдоистка Надежда Татарченко аан бастакытын эр дьон уонна дьахталлар ортолоругар Арассыыйа чөмпүйэнээтин финалыгар тиийдэ.
Кыһыл көмүс мэтээл иһин киирсиигэ кини аҕыйах очконан Олимпийскай оонньуулар кыттыылааҕар хоттордо. Надежда Татарченко (78 кг) бу иннинэ үс быһаарыылаах хапсыһыыга кииристэ — иккитэ иппоҥҥа кыайда, оттон үһүс утарсааччыта бобуллубут приему туһанан туораата. Түмүк киирсиигэ кинини кытта аан дойду чөмпүйэнээтин боруонса призера, Токиоҕа ыытыллыбыт Олимпийскай оонньуулар кыттыылааҕа Анастасия Бабинцева көрүстэ.
Утарсааччыта төһө да уопуттааҕын үрдүнэн, Надежда Татарченко биир тэҥник киииристэ. Бабинцеваҕа икки төгүл сэрэтии биэрбиттэрин үрдүнэн, кини ситиһиилээхтик биир приему туһанан, 1:0 ахсаанынан кыайыыны ситистэ. Надежда Татарченко успуорт карьератыгар аан бастакытын Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр иккис миэстэҕэ тигистэ. Кини дойду сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһии кэлэр сезонугар киирсэр кыаҕы ылла. Инникитин дойду чөмпүйэнээтигэр саха спортсменнара Аина Моисеева, Карина Ефимова, Айыына Петрова, Юлия Аман уонна Собиржона Оева кытталлара күүтүллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: