Саха сирин норуоттарын тылга уонна култуураҕа нэһилиэстибэтин сыыппараҕа киинин аһыахтара
Ахсынньыга Өрөспүүбүлүкэ национальнай бибилэтиэкэтин баазатыгар Саха сирин норуоттарын тылга уонна култуураҕа нэһилиэстибэтин сыыппараҕа киинин аһыахтара. Ону тэҥэ, Өрөспүүбүлүкэ Арассыыйа норуоттарын култуураҕа нэһилиэстибэтин сылын түмүктүүр атын тэрээһиннэрэ ыытыллыахтара. Былаан хаамыытын боппуруоһун Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников ыыппыт мунньаҕар көрдүлэр.
“Дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2022 сылы Арассыыйа норуоттарын култуураҕа нэһилиэстибэтин сылынан биллэрбитэ. Саха сиригэр үйэлэр тухары үгүс норуоттар култуураларын баайа мунньуллубута. Норуоттары харыстааһын – бастатан туран, кинилэр кинилэр култуураҕа нэһилиэстибэлэрин харыстааһын уонна сайыннарыы. Бу Саха АССР 100 сылыгар ордук суолталаах”, — диэн Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев бэйэтин телеграм ханаалыгар эрдэ бэлиэтээн турар.
Сергей Местников мунньахха СӨ Ил Дархана Айсен Николаев сорудаҕынан, Арассыыйа норуоттарын култууратын нэһилиэстибэтин сылын кэлимсэ былаана, өрөспүүбүлүкэҕэ үгэс буолбут култуураны илдьэ сылдьааччылары барыларын хапта диэн эттэ. Сүрүн тэрээһиннэр барыта ыйыллыбыт болдьоҕор ыытыллыбыттар.
Салгыы сэтинньи 25 күнүгэр – Олоҥхо күнүгэр өрөспүүбүлүкэ баһылыгын стипендиаттарын биллэриэхтэрэ. Ол курдук, 30 тыһ. солк. кээмэйдээх биир ыйдааҕы истипиэндьийэни биир сылга олоҥхону, төрүт култуураны, уус кыһатын сөргүтүүгэ, тарҕатыыга ураты өҥөлөрүн уонна өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай олоҕор көхтөөх кыттыыларын иһин сэттэ олоҥхоһукка, сэттэ оһуохайдьыкка уонна сэттэ тимир ууһугар ананыаҕа.
Итини таһынан, Саха сиринээҕи норуот маастардара кыттыытынан “Симэх” норуот прикладной искусствотын уонна уус-уран оҥоһуктарын төрүт киинэ өрөспүүбүлүкэ норуоттарын култууратын нэһилиэстибэтин норуоттар икки ардыларынааҕы, федеральнай, эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы быыстапка-дьаарбаҥкаларга көрдөрүөҕэ. Олортон биирдэстэринэн Москваҕа ахсынньы 14-18 күннэригэр “Экспоцентр” тэрийэр “Ладья. Кыһыҥҥы остуоруйа-2022” XXXII быыстапка-дьаарбаҥка буолар.
Итини тэҥэ, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” операны туруорар былааннаахтар. Ахсынньы га норуот уус-уран айымньытын 5 жанрынан (вокал, хореография, фольклор, тыйаатыр искусствота, декоративнай-прикладной искусство) «Наше Наследие» өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү-куонкурус түмүктүүр түһүмэҕэ ыытыллыаҕа. Муус устар 5 күнүттэн бэс ыйын 10 күнүгэр диэри буолбут тэрээһин иккис түһүмэҕэр 1824 киһи кыттыбыта, 4 тыһыынчаттан тахса көрөөччүнү хаппыта.
Уопсай үлэ түмүгүнэн документальнай киинэни таһаарар былааннаахтар. Сергей Местников мунньаҕы түмүктүүрүгэр эппиэтинэстээх дьоҥҥо туһаайан, тэрээһиннэр бүтэһиктээх болдьохторун чопчулуулларыгар уонна Саха сиригэр Арассыыйа норуоттарын култууратын нэһилиэстибэтин сыла ыытыллыытын билиһиннэриини бэлэмнииргэ сорудахтаата.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: