Салгыы
Сайдыы билимҥэ тирэҕирэр

Сайдыы билимҥэ тирэҕирэр

08.02.2024, 10:32
Арассыыйа Билимин академиятын Сибиирдээҕи салаа­тын Саха сиринээҕи научнай киинин архыыбыттан
Бөлөххө киир:

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр научнай чинчийиилэр устуоруйалара уһун уонна уустук. Өрөспүүбүлүкэҕэ мунньуллубут идэтийбит каадырдар, научнай чинчийиилэр, билим тэрилтэлэрин тутуллара – бу хас да көлүөнэ учуонайдар ситимнээх үлэлэрин түмүгэ буолар.

Билим сайдыытын устуоруйатыттан

Саха сирин үөрэтии Петр I 1724 с. олунньу 8 күнүгэр Арассыыйа Билимин академиятын тэрийиэҕиттэн саҕаламмыта. 1724 с. Витус Беринг салайааччылаах  I Камчаткатааҕы эспэдиис­сийэ тэриллибитэ, эспэ­дииссийэ сүрүн сыалынан Азия уонна Америка континеннарын икки ардыларыгар уунан силбэһии баар дуу, суох дуу диэн этэ. Дьэ, бу кэмтэн Арассыыйа судаарыстыбатын стратегичес­кай интэриэһэ билими кытары ыкса алтыһан барбыта.  II Камчаткатааҕы эспэдииссийэ эбэтэр Улуу Хотугу эспэдииссийэ 1733-1743 сс. үлэтин түмүктэринэн Берингов силбэһиитэ аһыллыбыта. Эспэдииссийэ иһинэн туспа Академия этэрээтэ баара. Этэрээт Сибиир айылҕатын, онно олорор норуоттар култуураларын, олохторун-дьаһахтарын чинчийэр соруктааҕа. Мантан салгыы өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи тэриллибит эспэдииссийэлэр билим кыһалҕаларын үөрэтэр туспа сыал­лаах-соруктаах этилэрэ. Ол эрэн үгүс элбэх ситэ үөрэтиллибэтэх матырыйаал хас биирдии дьарыктанааччыга холбоһуктаах чинчийиини ыытарыгар күһэ­йэрэ.

Араас өрүттээх интэриэс­тээх, киэҥ билиилээх Саха сирин чинчийээччилэрэ саҥа гипотеза үөскүүрүгэр, билим сайдыытыгар тирэх буолбуттара, олох тус туһунан үөрэх эйгэлэрэ бэйэ-бэйэлэрин ба­­йытыһалларыгар көмөлөспүттэрэ. Олортон биир чаҕылхай холобур, Александр Федорович Миддендорф (1815-1894) Сибииргэ 1842-1845 сс. тэрийбит эспэдииссийэтин түмүгэ буолар. Манна ирбэт тоҥу үөрэтии бастакы холонуулара ыытыллыбыттара. Маны таһынан, үөрэх-билии хас да салааларыгар матырыйааллар хомуллубуттара. Академияҕа Миддендорф саха тылыгар уонна тылынан уус-уран айымньытыгар суруйуулара бэриллибитэ. Манна олоҕуран, Отто Бётлинг «Сахалар тылларын туһунан» (1858) диэн ааттаах саха тылын бастакы научнай грамматиката тахсыбыта. Бётлинг уонна Миддендорф айар үлэлэрин кытары 1861 с. Парижка тахсыбыт
А.Я. Уваровскай «Ахтыылара» ыкса ситимнээх. Ити курдук, Саха сиригэр ирбэт тоҥу кытары үөрэтииттэн саҕаланан силис тардыбыт чинчи­йиилэр аан дойду тюркология­тыгар уонна саха литэрэтииринэй тылын сайыннарыыга саҥа билиилэр киириилэригэр тирэх буолбута.

Саха сиригэр билим тэрилтэлэрэ баар буолууларыгар (1924-1934 сс.) Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҥорон таһаарар күүстэрин үөрэтиигэ хамыыһыйа үлэтэ туһаайыллыбыта. Хамыыһыйа Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ М.К. Аммосов көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Хамыыһыйа үлэтигэр билимҥэ дойду бастыҥ күүстэрэ кыттыыны ылбыттара. Үлэни академиктар С. Ольденбург, А. Ферсман, Ф. Левинсон-Лессинг, В. Комаров салайбыттара.

Хамыыһыйа эспэдиисси­йэтэ Саха сирин экэниэмикэтэ уонна култуурата сайдыытыгар, билим тэрилтэлэрин тэрийиигэ уонна олохтоох чинчийээччилэри кытыннарыыга анаммыта. 24 кыра этэрээттэртэн турар 10 этэрээт тэриллибитэ. Ылыллыбыт түмүктэр Саха сирин экэниэмикэтэ уонна култуурата сайдыытын суолларын ыйар фундаментальнай научнай отчуоттар уонна монографиялар суруллууларыгар төһүү буолбуттара. Саха сирин хамыыһы­йатынан араас хайысхалаах 30 билим тэрилтэтэ баар буол­бута. Онно научнай бибилэ­тиэкэ, геофизическэй обсерватория, геохимическэй лабаратыарыйа, полярнай радиостанция, метео­рологическай, аэрологическай уонна гидрометеорологическай ыстаансыйалар уонна кэккэ атын эбийиэктэр тутуллубуттара. Саха сиригэр ССРС Билимин академиятын научнай-чинчийэр баазата
1947 с. тэриллибитэ. Манна 1935 с. тэриллибит Тыл, литэрэтиирэ уонна устуоруйа института уонна 8 сектор киирбиттэрэ. 1949 с. бааза ССРС Билимин академиятын Саха сиринээҕи салаатыгар уларытыллан ааттаммыта. Салгыы 1957 с. ССРС НА Сибиирдээҕи салаатын састаа­быгар киирбитэ. 1988 с. ССРС НА Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи филиала ССРС НА Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи билимин киинэ диэн буолбута. 2019 с. бу киин «Арассыыйа Билимин академия­тын Саха сиринээҕи научнай киинэ» Федеральнай чинчи­йэр киин диэн уларытыллан ааттаммыта.

Олунньу 8 күнүгэр Арассыыйаҕа Билим күнэ 1999 сыллаахтан дойду Бэрэсидьиэнин ыйааҕынан бэлиэтэнэр. 1724 с. олунньу 8 күнүгэр (уруккунан тохсунньу 28 күнэ) Петр I ыйааҕынан Билим академията тэриллибитэ, 1925 с. ССРС Билимин академията диэн аата уларыйбыта. Онтон 1991 с. Арассыыйа билимин академията буолбута. Быйылгы сыл Арассыыйаҕа билимҥэ ураты суолта­лаах. Ол курдук, Арассыыйа Билимин академията тэриллибитэ 300, Саха сиринээҕи Научнай киин төрүттэммитэ 75 сыллара бэлиэтэнэр. Бу икки бүк улахан үбүлүөйдээх сылга Арассыыйа Билимин академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи научнай киин үлэтин-хамнаһын туһунан Федеральнай чинчийэр киин генеральнай дириэктэрэ, РНА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, тиэхиньиичэскэй билим дуоктара Михаил Петрович Лебедев бу курдук кэпсээтэ.

Чинчийии түмүгэ өр сыллаах үлэҕэ тирэҕирэр

– Арассыыйа Билимин академиятын Сибиирдээҕи салаа­тын Саха сиринээҕи научнай киинин уонна киниэхэ киирсэр 7 билим-чинчийэр институт, Федеральнай чинчийэр кииҥҥэ киирсэр эрэгийиэннээҕи экэнэмиичэскэй уонна социальнай чинчийиилэр, Хотугу сиргэ тиэхиньикэ ритмологиятын уонна эргономикатын салааларын,  ыччат 7 билимҥэ лабаратыарыйаларын үлэһиттэрэ күннэтэ билим сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр, уустук соруктары толороллор.

Саха сиринээҕи Билим киинэ 2023 с. түмүгүнэн судаа­рыстыбаттан бэриллибит сакааһы барытын толордо. Ол курдук, киин судаарыс­тыбаннай сакаас быһыытынан 45 билим тиэмэтигэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай сакаа­һынан 18 бырайыакка, РФ Бырабыыталыстыбатын судаа­рыстыбаннай са­­к­­ааһынан 1 бырайыакка, Арассыыйатааҕы билим уонна Арассыыйатааҕы фундаментальнай чинчи­йиилэр пуондаларын сакааһынан 12 бырайыакка үлэлэстэ.
2023 с. биһиги кииммит учуо­найдара 25 монографияны таһаардылар, 1 билим дуоктарын, 7 билим хандьыдаатын диссертацияларын көмүскээтилэр, бэйэлэрин үлэлэрин сырдатар 1042 үлэни бэчээттэттилэр. Саха сиринээҕи научнай киин «Север» билим-үөрэтэр киин кыттыылааҕын быһыытынан Арассыыйа хотугулуу-­илиҥҥи өттүгэр научнай чинчийиилэр көмөлөрүнэн технологическай сайдыыны күүскэ киллэриигэ үлэлэһэр.

Билим сайдыыта улахан суолталанна

– Кэлиҥҥи сылларга Арас­сыыйа үрдүнэн билимҥэ улахан суолта ууруллан, дойду технологическай өттүнэн тутулуга суох буолуутугар билим быһаарар оруолланна. 2031 с. диэри Арассыыйа бэрэсидьиэ­нэ В. Путин Ыйааҕынан Билим уонна технология 10 сыла биллэриллэн, билим уонна саҥа технологиялар көмөлөрүнэн түргэн тэтиминэн дойду со­­циальнай-экэнэмиичэскэй салааларын сайыннарыыга киэҥ өрүттээх үлэ барар. Бу чэрчитинэн эдэр ыччаты үөрэххэ-билиигэ, билимҥэ сирдээн, саҥаттан-саҥа чинчийиилэри, технологиялары олоххо киллэрии үлэтэ күүскэ ыытыллар. Саха сиринээҕи билим киинин иһинэн үлэ­лиир аспирааннары үөрэтэр киин аспирантура эбии саҥа салаа­ларын аһан, научнай каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ үлэ тэтимнээхтик барар, билигин кииҥҥэ билим араас са­­лаатыгар 65 аспирант үөрэнэр.
2023 с. бүтүүтэ сыбаарка ха­­йысхатыгар кандидатскай, докторскай диссертациялары көмүскүүр саҥа диссертацион­най киин аһылларын ситистибит. Бу барыта научнай каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ олук буолар.

Учуонайдарга, чинчийээччилэргэ тоҕоостоох усулуобу­йаны тэрийии үлэбит хайысхатын биир өрүтэ. Билим лабаратыарыйаларын приборнай баазаларын саҥардыы, сайын­нарыы, аныгы технологиянан үлэлиир тэриллэри ылыы эмиэ туспа сорук быһыытынан турар. Кэлэктиибинэй туттар киин (ЦКП) тэриллэн, РФ Билимҥэ министиэристибэтин куонкуруһугар кыайаммыт, 3 сыл устата элбэх саҥа тэрил ылыллан, билим киинин приборнай баазата, тэрилэ саҥардылынна, аккредитациялаах Боруобалыыр лабаратарыарыйа уонна Сертифицированнай метрологическай өрөмүөн уонна хааччыйыы бөлөҕө тэриллэннэр, билим уонна произ­водственнай тэрилтэлэргэ 119 методиканан 53 араас өҥөнү оҥорор кыахтанныбыт.

Үүнэр көлүөнэ үөрэххэ, билиигэ тардыһыыта улахан

– Саха сиринээҕи научнай киин оҕо-ыччат интэриэһин билимҥэ тардар, талаан­наах эдэр дьон фундаментальнай билиминэн дьарыктаналларын өйүүр. Билим үлэһиттэрэ үөрэх тэрилтэлэригэр сылдьан, элбэх лиэксийэлэри ааҕаллар, В.П. Ларионов аатынан «Инникигэ хардыы» билим-быраактыка кэмпириэнсийэтигэр эспиэртииллэр, араас тэрээһиннэргэ кытталлар.

Билим олоҕу сайыннарар, сайдыы суолугар сирдиир ха­­йысха буолан, бу эйгэҕэ үлэлээччилэртэн улахан үлэ, үрдүк идэтийбит хаачыстыба, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан иһэр толкуй ирдэнэр. Билим кыаҕа Сахабыт сирин тыйыс айылҕатын үөрэтиигэ, саҥа технологиялары айарга уонна туһаныыга, биологическай уонна ветеринарнай саҥа препараттары оҥорууга, о.д.а. хайысхаларга туһуланар.

Арктика – билим болҕомтотун киинигэр

– Ааспыт сылга Саха сиринээҕи научнай кииҥҥэ элбэх суолталаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Оннук тэрээһиннэртэн ордук улахан суолталаах Арассыыйа Арктикатааҕы эргимтэтин сайдыытыгар анаммыт дойду бу эргимтэтигэр үлэлиир сэттэ Федеральнай научнай киини: РНА Карелиятааҕы (Петрозаводскай к.), Кольскайдааҕы (Апатиты к.), РНА Уһук Илиҥҥи салаатын Хабаровскайдааҕы, РНА Ураллааҕы салаатын Н.П. Лаверов аатынан Арктиканы биир кэлимник үөрэтэр (Архангельскай к.) уонна Коми (Сыктывкар к.), РНА Сибиирдээҕи салаатын Тюменнээҕи уонна Красноярскайдааҕы билим кииннэрин түмпүт I Арктикатааҕы кэнгириэһи уонна сахалартан бастакы Арассыыйа Билимин академиятын академига Владимир Петрович Ларионов төрөөбүтэ 85 сылыгар анаммыт ХI Евразийскай симпозиуму тэрийэн ыыттыбыт, дойду үрдүнэн биллэр учуонайдар кэлэн, кыттыыны ыллылар. Арктикатааҕы I кэнгириэскэ РФ Арктикатааҕы эрэгийиэнэ сайдыытыгар туһуламмыт 140 бырайыак киирдэ, онтон 43-һүн Саха сиринээҕи билим киинэ киллэрдэ.

Ситиһиилэрбититтэн тирэх ылан, дойдубут чэчирии сайдарын туһугар күүспүтүн түмэн, билим үлэһиттэрэ туруоруммут сыаллары олоххо киллэрэргэ, саҥа соруктары толорорго төһүү күүс буолабыт, 2024 с. билим арыйыыларыгар, ситиһиилэригэр өссө саҥа саҕахтары арыйыа диэн эрэнэбин уонна инникитин дьаныардаах үлэбит үтүө түмүктэрдээх буоллун.

Күндү билим эйгэтин үлэһиттэрэ, Билим күнүнэн эҕэрдэлээн туран, бука барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, сити­һиини уонна кыайыыны-хотууну баҕарабын. Эһиги дьиэ кэргэҥҥитигэр үгүс үөрүү, толору дьол-соргу тосхойдун! Оҕо аймах, эдэр ыччат, үөрэххэ-билиигэ улахан суолтаны ууран, сайдыы суолун тутуһуҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: