Софья Александрова: «Мэдиссиинэ каадырдара тыа сиригэр кэлэллэригэр төһүү күүһүнэн буолуоҕар эрэнэбит»
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кыра нэһилиэктэргэ, оройуон кииннэригэр, куораттарга үлэлиир миэдиктэр хамнастарыгар кулун тутар 1 күнүттэн эбии төлөбүрү олохтуур туһунан быһаарыытынан Уус Маайа улууһун дьаһалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччыта Софья Александрова санаатын үллэстэр:
— Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин кыра нэһилиэнньэлээх куораттарга, оройуон кииннэригэр, нэһилиэнньэлэргэ үлэлиир мэдиссиинэ үлэһиттэригэр хамнастарыгар эбии төлөбүр көрүллүө диэн этиититтэн биһиги олус үөрэбит. Холобур, Уус Маайа улууһугар кыра нэһилиэнньэлээх нэһилиэктэр бааллар. Ол курдук, Белькачи Уус Миил, Күп, Эдьээн нэһилиэктэрэ, Звездочка, Югоренок, Солнечнай бөһүөлэктэр киирсэллэр. Манна даҕатан эттэххэ, маннык мэдиссиинэ үлэһиттэрэ, барыта биэлсэрдэр эрэ көрүллэллэр. Оттон быраастар 800-н тахса нэһилиэнньэлээх пууннарга эрэ көрүллэллэр.
Онуоха бу орто сүһүөх мэдиссиинэ үлэһиттэрэ оҕо, дьахтар, эр киһи буоллун, барыларын көрө олорор дьон буолаллар, онон кинилэргэ итинник эбии харчы төлөнөрө олус наадалаах диэн этиэхпин баҕарабын.
Аны туран, бу нэһилэктэрбит бэйэ-бэйэлэриттэн ыраах-ыраах сыталлар уонна суол-иис кыһалҕата улахан. Биһиэхэ Саха сирэ, уопсайынан, киэҥ, нэһилиэнньэлэр икки ардыларыгар ыраах, суол алдьанар кэмигэр хаайтарыы буолан, онто да суох кыра хамнастаах үлэһиттэр кыһалҕаны көрсөллөр. Онуоха итинник өйөбүл, эбии харчы кинилэри өйүүргэ күүс-көмө буолуоҕа дии саныыбын. Ыраах, кытыы нэһилиэктэргэ үлэлии кэлэр миэдиктэр аҕыйахтар, бүгүн Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин саамай бастакы кыһалҕатынан нэһилиэктэри мэдиссиинэ каадырдарынан хааччыйыыта буолар. Бу боппуруоска Бырабыыталыстыба, Ил Түмэн дьокутааттара уонна Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ улахан болҕомтолорун уураллар уонна үлэни ыыталлар. Онон мэдиссиинэ каадырдара тыа сиригэр кэлэллэригэр бу дьаһал эмиэ биир төһүү күүһүнэн буолуоҕар эрэнэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: