Салгыы
“Создавая будущее” симпозиумҥа 33 дойду кыттарын бигэргэттэ

“Создавая будущее” симпозиумҥа 33 дойду кыттарын бигэргэттэ

14.10.2024, 13:57
sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

“Арассыыйа” Национальнай киин бастакы тэрээһинэ — “Создавая будущее” симпозиум судаарыстыбалар икки ардыларыгар кэпсэтиигэ улахан суолталаах былаһаакканан буолуоҕа. Манна кыттааччылар билиҥҥи кэм тирээн турар кыһалҕаларын дьүүллэһэр уонна инники суоллары тобулар кыахтаныахтара.

Сэтинньи 4-6 күннэригэр “Арассыыйа” Национальнай кииҥҥэ ыытыллар “Создавая будущее” норуоттар икки ардыларынааҕы симпозиумҥа учуонайдар уонна чинчийээччилэр, футурологтар, фантаст-суруйааччылар, былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыахтара.

Симпозиум арыллыытын чэрчитинэн аһыллар быыстапка  аан дойду инники кэскилин туһунан кэпсэтиини кэрэһилиэҕэ. Ол курдук, быыстапканы көрбүт хас биирдии киһи инники олохпутугар бэйэ кылаатын киллэрии суолтатын өйдүөҕэ уонна онно кыттыгастаах буолар баҕа санааны үөскэтиэҕэ.

Симпозиумҥа кыттарын хайыы үйэ 33 дойду бэрэстэбиитэлэ бигэргэттэ. Тэрээһин чаҕылхай спикердэринэн Австрия омуктар дьыалаларыгар экс-миниистирэ Карин Кнайсль,  оборона чинчийиилэрин институтун эспиэрэ, Индияттан  Лаксман Кумар Бехера, Канадаҕа РФ бочуоттаах консула Стюарт Дюррант уо.д.а. буолуохтара.

Симпозиум сүрүн хайысхата – норуоттар икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһини бөҕөрөгөтүүгэ, дойдулар икки ардыларыгар хардарыта өйдөһүүгэ көмөлөһүү, саҥа сибээстэри уонна бииргэ үлэлээһини олохтуур кыах.

Владимир Путин 2024 сыл от ыйын 1 күнүгэр “Арассыыйа” норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-пуорум нэһилиэстибэтин харыстааһыҥҥа уонна дойду ситиһиилэрин тиһигин быспакка көрдөрөргө “Арассыыйа” Национальнай киини тэрийэр туһунан  дьаһалга илии баттаабыта.

«Арассыыйа» Национальнай киин саайта —  https://russia.ru/

«Создавая будущее» симпозиум саайта  — https://future.russia.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: