Сунтаарга индийскэй үҥкүүгэ үөрэтэллэр
Урукку кэрэ кэмҥэ Индия киинэтэ, үҥкүүтэ, кэрэ эйгэтэ барыта олус күндүтэ. Билигин даҕаны ол кэмтэн саҕыллан индийскэй сүрэхтээхтэр элбэхтэр. Онтон биирдэстэрэ Сунтаарга олорор Саргылана Докторова.
Саргылана Докторова кыра эрдэҕиттэн индийскэй киинэлэри сырса сылдьан көрөрө. Таптал остуоруйа дойдутугар ыллыы-үҥкүүлүү сылдьартан ордук кэрэ туох баар буолуой?! Кырачаан кыысчаан ыратын илэ, бу билигин толорон олус дьоллооҕун үллэстэр.
Саргылана бэйэтэ ааттаах иистэнньэҥ, аны эбии Индия классическай катхак үҥкүүтүн уһуйааччыта буолла. Бу идэни баһылаары Улан Удэҕэ Светлана Цыденоваҕа тиһигин быспакка үɵрэнэр, ону кытта Дьокуускайга кэлэ сылдьыбыт Ашвани, Светлана Нигамнарга маастар-кылаастарыгар сылдьан, билигин кини Сунтаар кэрэ аҥаардарын бу кэрэ эйгэҕэ угуйар уонна уһуйар.
Саха далбара таптал үҥкүүтүн истиҥ иэйиилээхтик кэрэхсээн иэйиилээхтик толороро элбэҕи да кэпсиир. Бу эйгэнэн Саргылаана ситиһиитэ олус элбэх. Соторутааҕыта Бурятияҕа тэриллибит «Краски Индии» күрэскэ иккис, үһүс үрдэл көтөллөөх кэлбитэ.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: