Салгыы
Сунтаарга киһи өлүүлээх суол быһылаана таҕыста

Сунтаарга киһи өлүүлээх суол быһылаана таҕыста

Ааптар:
18.10.2024, 09:00
Хаартыска: Госавтоинспекция пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, алтынньы 17 күнүгэр, күнүс 13:15 чаас саҕана ГАИ дьуһуурунай чааһыгар Сунтаар оройуонугар Октябрьскай уулуссаҕа киһи өлүүлээх суол быһылаана тахсыбытын туһунан иһитиннэрии киирбит. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата суруйар.

Барыллаан быһаарыынан, 1986 с.т. суоппар «Тoyota Corolla» массыынанан Сунтаар сэлиэнньэтигэр Октябрьскай уулуссанан үрдүк тэтимнээхтик айаннаан иһэн суолтан уҥа өттүгэр туораабыт уонна чааһынай дьиэ тутуутугар тиийэн кэтиллибит.

Саахал түмүгэр суоппар суһал көмө кэлиэр диэри миэстэтигэр суорума суолламмыт. Быһылаан тахсыбыт төрүөтэ силиэстийэлэнэр. Госавтоинспекция управлениета суол быраабылатын кытаанахтык тутуһуллуохтааҕын санатар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
9
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: