Сүбэһит: доруобуйабытын көрүнүөҕүҥ

Сүбэһит: доруобуйабытын көрүнүөҕүҥ

Ааптар:
14.10.2024, 18:35
Хаартыска: https://pxhere.com/ru/photo/566564
Бөлөххө киир:

Тумууга

Тумуу киирэрин кытта  тута хартыыһа бороһуогун сылаас ууга хойуу гына булкуйан, ититэн баран тиҥилэххэ сыһыарыллар, фланель таҥаһынан баайыллар. Итиэннэ түүлээх наскыны кэтиллэр. Маннык кэмпириэһи, тиҥилэҕи аһытарын үрдүнэн, чаастан ордук устуллубат. Бириэмэтэ туолбутун кэннэ атаҕы сылаас уунан сууйуллар, сотуллар уонна эмиэ түүлээх наскыны кэтиллэр. Оннук наскылаах утуйуллар.

Оҕо эмтэрэр ийэҕэ

2 чаайынай ньуоска тмин от сиэмэтин 1,5 лиитэрэ оргуйбут итии уунан кутан баран тиэрмэскэ түүн устата көөнньөрөҕүт. Уонна чэй оннугар үүттээн, барыанньа, мүөт эбэн күн устата иһэҕит. Түмүгэ өр кэтэһиннэриэ суоҕа, үүккүт эбиллиэ.

Сылайдахха, тоҥноххо…

Тымныыга, силбиккэ, сылайдахха итии битэмииннээх чэйи иһэр туһалаах. Лимон сүмэһинин, биэ эмиийин барыанньатын эбэтэр мүөтү хойуу чэйгэ булкуйан иһиллэр. Липа мүөтэ баар буоллаҕына өссө үчүгэй. Уонна ичигэс суорҕанынан бүрүнэн сыттахха, сотору киһи тоҥмута ааһар. Ис искиттэн итийэн кэлэриҥ олус туһалаах. 4-5 чааскыны  күн устата иһиллэр. Мэлиллибит дөлүһүөнү, моонньоҕону, биэ эмиийин, уулаах отон сэбирдэхтэрин 2 остолобуой ньуоскаҕа булкуйан, хаппахтаах иһиккэ, 1 ыстакаан ууга 10 мүнүүтэ оргутуллар. Күҥҥэ ыстакаан аҥарынан иккитэ иһиллэр.

Гастрикка

Гастриты эмтииргэ моркуоп уонна хортуоппуй сүмэһиннэрэ олус туһалаахтар. Биир бөдөҥ соҕус кытархай хортуоппуйу, икки ортоку моркуобу теркалаан баран, сүмэһиннэрин холбууллар. Сонно тута сарсыарда аччык искэ 1 ыстакааны иһиллэр. Ол кэнниттэн 30-40 мүнүүтэ сыта түһүөххэ наада. 10 күн кэнниттэн наада буоллаҕына, сынньана түһэн баран, эмиэ хатылыыллар.

Циррозтан харыстанан

Циррозтан көмүскэллээх буолар туһугар күн аайы мүөтү ньуосканан сиир туһалаах. Цирроз ыарыыны эмтииргэ мүөккэ калган оту эбэллэр. 20 грамм окко 5 гр. калган
силиһин эбэн баран, 1 лиитэрэ ууга, 600 мл. буолуор диэри оргутуллар. 20 чаас туруоруллар. Күҥҥэ үстэ 50 мл оргутуллубут ууну, аһыах 30 мүнүүтэ иннинэ, кыра ньуоска мүөтү кытта
иһиллэр.

Хатыҥ сэбирдэҕэ

Хатыҥ сэбирдэҕэ быары эмтиир. Мааткаттан хаан барыытын, дьахтар ыйданарыгар элбэх хааны сүтэрэрин аҕыйатар. 2 остолобуой ньуоска сэбирдэҕи 1 ыстакаан оргуйбут ууга кутан көөнньөһүк оҥорон, аһыах иннинэ күҥҥэ үстэ иһиллэр. Сэбирдэх саас хомуллара ордук туһалаах. Киһи илиитигэр сыстаҥныыр, 3-тээх харчыттан улахана суох буолуохтаах.

Тааһы, кумаҕы таһаарарга

Дыня сиэмэлэрин оргуйбут үүтү кытта сиэн бүөртэн уонна үөстэн тааһы, кумаҕы таһаарыллар. Холецистикка эмиэ туһалаах. Ыраастамматах сиэмэлэри мясорубкаҕа эрийиллэр. 1 чаайынай ньуосканы биир ыстакаан үүккэ 2- 3 мүнүүтэ оргутуллар. Күҥҥэ үстэ биирдии ыстакааны иик болоорхой дьүһүннэниэр диэри иһиллэр. Ол аата кумах тахсар. Биэс-сэттэ күн иһэр сөп буолар

+1
12
+1
0
+1
0
+1
1
+1
2
+1
1
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: