«Таптал аллеятыгар» субуотунньуктаатылар

«Таптал аллеятыгар» субуотунньуктаатылар

Ааптар:
02.10.2024, 12:42
Хаартыскаларга Аграфена Бурнашева, Туйаара Ушницкая түһэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Уус Алдан улууһун Түүлээх нэһилиэгэр сонун, сэргэх тэрээһиннэр тиһиктээхтик ыытыллаллар.

Бу күннэргэ аҕам саастаахтар дэкээдэлэрин чэрчитинэн субуотунньук тэриллибит. Ол туһунан нэһилиэк бибилэтиэкэрэ, үһүс сылын «Айылгы» аҕам саастаахтар түмсүүлэрин сатабыллаахтык салайар Туйаара Ушницкая иһитиннэрдэ.

— «Айылгы» үлэтин нэһилиэкпит кулууба өйүүр буолан, тэрээһиннэрбит куруутун сэргэх, сонун буолаллар. Ол курдук, дьон-сэргэ таптаан ааттыыр «Таптал аллеятыгар» буолбут субуотунньукка эмиэ үөрүүнэн көмөлөстүлэр. Тэрээһин аҕам саастаахтар дэкээдэлэрин иитинэн ыытылынна. Дьон сөбүлээн сынньанар сирин өрө тардан, бэрээдэктээн, ыһыллыбыт, хаппыт отун-маһын хомуйан, чөмөхтөөн бэртээхэй, сэргэх күн буолла. Манна оскуола оҕолоро, ыччаттар эмиэ сылдьааччылар. Уопсайынан, ким баҕарар кэлэн сынньанар, сибиэһэй салгынынан дуоһуйа тыынар, хаартыскаҕа түһэр кэрэ сирэ.

Быйыл нэһилиэкпит олохтооҕо, көхтөөх уопсастыбанньык Иван Захарович Винокуров манна бэртээхэй ыскамыайка оҥорон бэлэхтээтэ. Онон бары да олус үөрдүбүт итиэннэ ити көҕүлээһини өйөөн эһиилгиттэн ыскамыайкалары, беседкалары оҥорон туруорарга былааннанныбыт.

Манна даҕаттахха, бу «Таптал аллеята» туспа историялаах. 1938 сыллаахха түөрт колхуос дьоно түмсэн, Тандаҕа диэри суол солообуттар. Сыл аайы саас ыһыы, от үлэтэ саҕаланыан иннинэ киирэн солообутунан бараллар эбит. Онтон Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмытыгар, кыайа-хото тутар дьонноро кырыктаах сэриигэ бараннар, бу үлэлэрин тохтоппуттар. Кырдьаҕастар барахсаттар: «Дьоммут-сэргэбит уоттаах сэриигэ бу суолунан барбыттара», — диэн ахтар-саныыр, кэпсиир буолаллара. Онон барыбытыгар «Таптал аллеята» олус күндү.

Хаартыскаларга Аграфена Бурнашева, Туйаара Ушницкая түһэриилэрэ

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: