“Төлөбүр бэрээдэгэ чопчуланар”
Бүгүн Амма улууһун Покровка сэлиэнньэтиттэн пиэрмэр Игорь Петров туттарбыт үүтүм харчытын ыла иликпин диэн этиитэ тарҕанна.
“Сүөһү уонна сылгы кыстыга бара турар. Онон билигин бу харчыны сүөһү аһылыгын атыылаһыыга, хамнас уонна нолуок төлөбүрүгэр туһаныа этибит”, — диэн этэр муҥатыйбыт пиэрмэр.
Туһааннаах боппуруоска Амма улууһун тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов бу курдук хоруйдаата:
— Ааспыт 2023 сылга үүт харчытын төлөбүрүгэр иэспит-күүспүт суох, барытын төлөспүппүт. Быйылгы сылга үүт харчытын 25 бырыһыана кэлэн турар. СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) олунньу 28-29 күннэригэр ыытыллыбыт сиэссийэтигэр бу боппуруос көрүллүбүтэ. Биллэрин курдук, үүт харчыта 60 солкуобайтан 65 солкуобайга диэри үрдэтиллибитэ. Онон төлөөһүн бэрээдэгэ уларыйан, 445 №-дээх уураах тахсарын кэтэһэбит. Ол кэнниттэн биһиги сүүмэрдээһини ыытар бырааптаахпыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: