Төлөпүөн түөкүттэрэ аны атын дьон аатынан кирэдьиит ылаллара уустугуруоҕа
Кэлэр сыл кулун тутар 1 күнүттэн Арассыыйаҕа кирэдьииккэ бэйэ хааччаҕын туруоруу сокуона үлэлээн саҕалыаҕа. Бу аата тугуй?
Бу аата төлөпүөн түөкүттэрэ атын киһи аатынан кирэдьиит ылаллара уустугуруоҕа. Оттон олус элбэх үбү ороскуоттуур дьону ордук хос иэс ылартан уонна киирэртэн хааччахтыаҕа. Бу туһунан Объясняем.рф суруйар.
Саҥа сокуоҥҥа олоҕуран хас биирдии дойду олохтооҕо бэйэтэ кирэдьиит ыларыгар хааччахтааһыны туруоруоҕа. Онон кини аатыттан финансовай тэрилтэҕэ кирэдьииккэ сайаапка кэллэҕинэ даҕаны, бу сайаапканы иэс харчы биэрэр тэрилтэлэр үргүлдьү чахчыта суоҕунан ааҕыахтара.
Ханнык кирэдьииттэргэ бэйэ хааччахтааһынын туруоруохха сөбүй?
— Кредитор көрүҥүттэн көрөн: холобур, баантан иэс ыларга эбэтэр үп кыра тэрилтэтиттэн.
— Сайаапка биэрии ньыматынан: онлайн кирэдьииттэргэ, офистарга толорулларга эбэтэр барытыгар бииргэ.
— Көрүҥүнэн: судаарыстыбаттан өйөбүллээх олорор дьиэ, массыына уонна үөрэх кирэдьииттэриттэн ураты потребительскэй эбэтэр анал сыаллаахха.
Хааччахтааһыны хайдах туруорабыт?
— Сокуон күүһүгэр киирдэ даҕаны сайабылыанньаны МФЦ эбэтэр Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар биэриэххэ сөп. Ол иннинэ маҥнай кирэдьиит тэрилтэтигэр тиийэн толорторор ирдэнэр.
— Хааччахтааһыҥҥа иһитиннэриини кирэдьиит устуоруйатын бары бюротугар тириэрдиэхтэрэ. Хааччахтааһын туһунан иһитиннэрии бааннарга, үп кыра тэрилтэлэригэр, страховка хампаанньаларыгар тиийиэҕэ.
— Бу кэнниттэн ханнык баҕарар тэрилтэ, эһиги ааккытыттан иэс ылыы туһунан сайаапка киирдэҕинэ маҥнай кирэдьиит устуоруйатын бюротугар биллэриэхтээх. Өскөтүн хааччахтааһын турар түгэнигэр кирэдьиит ыларга аккаас кэлиэҕэ.
Онтон өскөтүн кирэдьиит ылаары гыннаххытына, хааччахтааһыны устар инниттэн МЦФ эбэтэр Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар сайабалыанньа суруйар ирдэнэр. Уларыйыы тута кирэдьиит устуоруйатыгар көстүөҕэ диэн этэллэр.
Хааччахтааһын эбэтэр көҥүллээһин төһө түргэнник уларыйыаҕай?
— Кирэдьиит ылары хааччахтааһын – сайаапка биэрбиккит сарсыҥҥы күнүттэн.
— Кирэдьиит ылары көҥүллээһин – икки күнүнэн: дьон кирэдьиит ылара ирдэнэрин дуу, суоҕун дуу толкуйданарыгар бириэмэ бэриллэр.
Манна даҕатан эттэххэ, билигин түөкүннээһин күн-түүн эбиллэ турар. Сорох дьон түөкүттэр харчытын устан ылбыттар диэни иһиттэхтэринэ: «Муоста сууйааччы хантан оччо элбэх харчылааҕый?», — дэһэ түһэллэр. Дьиҥэр, өскөтүн түөкүттэргэ түбэспит киһи харчыта суох буоллаҕына, «уһун илиилээхтэр» бу киһи кирэдьиит оҥотторон ыытар гына араас угайыылары бэлэмнииллэр. Ол иһин дьон хастыы да сүүһүнэн, мөлүйүөнүнэн харчыга ыйаналлар. Дьэ ол иһин судаарыстыба кирэдьииттэн бэйэни хааччахтааһын курдук харыстыыр ньымалары олоххо киллэрэ сатыыр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: