Салгыы
Тимофей Иванов: «Бу буола турар уустук быһыы-майгы түргэнник бүтэригэр баҕарабын»

Тимофей Иванов: «Бу буола турар уустук быһыы-майгы түргэнник бүтэригэр баҕарабын»

Ааптар:
20.10.2022, 14:41
Бөлөххө киир:

Биһиги Аҕа дойдубутугар үтүөнэн аҕаабат арҕааҥҥы дойдулар уодаһыннаах былааннарын олоххо киллэрэргэ тирэх буолар Украина быһыыны-майгыны сытыырхата олорор. Маны быһаарыыга туһуламмыт Арассыыйа анал байыаннай эпэрээссийэтигэр Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгиттэн баҕа өттүлэринэн барбыттар бааллар. Ол туһунан баһылык эбээһинэһин толорооччу Тимофей Иванов бу курдук кэпсээтэ:
— Биһиги нэһилиэктэн үтүө баҕаларынан Николай Николаев, Альберт Чочанов анал байыаннай эпэрээссийэҕэ тиийэн кытта сылдьаллар уонна Христофор Тобонов бу күннэргэ баран эрэр. Биир дойдулаахпыт Анна Александровна кэргэнэ Хатыҥ Сыһыы нэһилиэгиттэн төрүттээх уол Ньурбаҕа РЭС-кэ үлэлиир этэ, бэбиэскэ тутан, билигин полигоҥҥа учебкаҕа сылдьар. Кэргэнэ икки кыра оҕолорун илдьэ манна дойдутугар кэлбитэ, ветеринарияҕа үлэҕэ киирэн, үлэлии сылдьар. Хорулаттан төрүттээх атын сиргэ олорор өссө икки уолаттарбыт Саян уонна Григорий баран эрэллэр.
Бэҕэһээ Николай Николаевтыын кэпсэтэ сырыттым. Луганскайга тиийбит этэ. Халлааннара тымныйан эрэр, балаһыанньа манна кытаанах, аны аҕыйах чааһынан бойобуой киирсиигэ барабыт, онон хас да күн сибээскэ тахсыбатым буолуо диэбитэ. Прапорщик Альберт Чочановтыын алтынньы 6 күнүгэр кэпсэтэ сылдьыбыппыт, билигин эмиэ сибээс суох сиригэр баар. Христофордуун кэпсэтэрбэр элбэх киһи, саастаахтар да, эдэрдэр даҕаны, баҕа өттүлэринэн баран иһэллэрин кэпсээбитэ, бу түмсүбүт доброволецтар бүгүн өрөспүүбүлүкэттэн барыахтаахтар эбит.
Дьоммутугар көмөлөһөр сыаллаах анал хамыыһыйа, бассаап бөлөх тэриммиппит. Ол курдук от, мас, муус боппуруостарын быһаарыы, уматыгынан хааччыйыы, оҕолору оҕо саадыгар киллэрии, күннэтэ таһарга массыына булуу уо.д.а. курдук үлэлэр бара тураллар. Дьаһалта кылаабынай исписэлииһэ Наталья Александровна мобилизованнай дьоммутугар улуустан көрүллэр матырыйаалынай көмөнү ылыыны быһаарса улууска командировкаҕа сылдьар.
Биһиги манна бу барбыт дьоммут дьиэ кэргэннэригэр күүс-көмө буолан өйүөхпүт, көрүөхпүт, кыһаллыахпыт. Саамай сүрүнэ — ити барбыт уолаттарбыт этэҥҥэ төннөллөрүгэр, бу буола турар уустук быһыы-майгы түргэнник бүтэригэр баҕарабын.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: