Тус бэйэбит хаһаайыстыбабыт сиригэр тугунан дьарыктаныахпытын сөбүй?
– Тус бэйэбит хаһаайыстыбабыт сиригэр тугунан дьарыктаныахпытын сөбүй?
Слепцовтар.
Ыйытыыларга Агро-бырамыысыланнас комплексын ресурсанан хааччыйар киин өҥө оҥорор отделын сүрүн экэнэмииһэ Майя Степановна Гуляева хоруйдаата. Ыйытыылары бэлэмнээһиҥҥэ тустаах киин пресс-сулууспата көмөлөстө.
– Маннык хаһаайыстыбаны тэриннэххитинэ, бэйэҕит туһанаргытыгар эбэтэр атыыга диэн тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныаххытын сөп. Маныаха сыл аайы сиргэ нолуогу төлүүгүт, ити учаастаккыт кадастровай сыанатыттан быһа холуйан 0,3%. Бэйэ дьарыктаах буолуутун толотторуу уонна идэҕинэн дохуоккар нолуогу төлөөһүн ирдэммэт.
Тугу гыныаххытын сөбүй?
– Оҕуруот аһын, күөх үүнээйилэри, сибэккини, бурдугу уо.д.а. үүннэрэн, атыылыаххытын сөп;
– ыҥырыа иитэн, мүөтүнэн дьарыктаныаххытын сөп;
– көтөрү-кууруссаны иитэн, сымыытынан, куурусса, көтөр этинэн эргиниэххитин сөп;
– сибиинньэни, барааны иитиэххитин сөп.
Дьиҥэ, кыра сиргэ-уокка сүөһүнү иитии уустуктардааҕа биллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: