Туора Күөлгэ саҥа оҕо уһуйаана аһылынна
Дойду үрдүнэн тыа сирин кэлимник сайыннарыыга туһаайыллыбыт бырагыраамалар көдьүүстээхтик үлэлииллэр.
Биэс сыл иһигэр национальнай бырайыагынан өрөспүүбүлүкэҕэ 144 эбийиэк, ол иһигэр 37 оскуола, 24 оҕо уһуйаана, 60 мэдиссиинэ уонна успуорт эбийиэктэрэ тутулунна. «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» бырагырааманан 30 тыһ. олохтоох нэһилиэнньэ уопсайа 555 кв. миэтэрэ иэннээх элбэх кыбартыыралаах саҥа дьиэҕэ киирдэ. Кулун тутар 12 күнүгэр Саха сирин үрдүнэн видеосибээһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев кыттыылаах 12 социальнай суолталаах эбийиэк уонна нэһилиэнньэ олорор усулуобуйатын тупсарыыга туһуламмыт саҥа тутуулар үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыннылар.
Ол иһигэр Таатта улууһун Туора Күөлүгэр олохтоохтор өр кэмҥэ эрэнэ күүппүт 50 миэстэлээх, толору хааччыллыылаах «Кэскил» оҕо уһуйаана үлэҕэ киирдэ. Бу үөрүүлээх түгэн нэһилиэк олохтоохторугар Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылын күндү бэлэҕинэн буолла. Саҥа уһуйаан РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыагынан тутулунна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: