Түөкүттэр аны быраас аатыттан эрийэр буолбуттар
Төлөпүөн нөҥүө түөкүннээһин саҥа ньымата тарҕанан эрэр. Бу күҥҥэ диэри түөкүттэр үксүн полиция эбэтэр баан үлэһитэ буолан кубулунар этилэр. Аны Арассыыйа олохтоохторугар “быраастар” эрийэр буолбуттар.
Ол курдук, доруобуйа харыстабылын үлэһитэбин диэн кимҥэ баҕар эрийиэхтэрин сөп буолбут. Үксүгэр ханнык эрэ поликлиника кылаабынай бырааһынан ааттаналлар, сороҕор тестэри түмэр наука киинин үлэһитинэн ааттаныахтарын сөп. Дьон туттарбыт анаалыстарыгар куһаҕан уларыйыылар көстүбүттэрин туһунан биллэриэхтэрин сөп. Ол кэнниттэн уолуйбут киһиттэн харчы суйдааһын саҕаланар – суһал эмтэнии ирдэнэрин, күндү, эриэккэс эми сибилигин атыылаһар наадатын туһунан кэпсииллэр. Бу эми атыылаһарга харчыны ыыта охсор туһунан итэҕэтэ сатыахтарын сөп.
Биллэн турар, төлөпүн нөҥүө итинник сонун биллэриллиэ суохтаах. Харчыны тута көһөрүүнү ирдээһин түөкүннээһин көстөн турар сибикитэ. Маннык кэпсэтиини тута тохтотор ордук. Доруобуйаҕыт туһунан информацияны сыһыарыллыбыт поликлиникаттан туоһулаһар оруннаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: