Салгыы
Түөкүттэргэ 200 тыһыынча кэриҥэ харчытын ыыппыт

Түөкүттэргэ 200 тыһыынча кэриҥэ харчытын ыыппыт

Ааптар:
21.09.2024, 16:30
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Түөкүттэр угаайыларыгар, араас албастарыгар киирэн биэримэҥ диэн өрүү сэрэтэллэр. Ол да буоллар, дьэ, дьону албыннарыгар киллэрэр туһуттан, түөкүттэр ону-маны булан толкуйдууллар.

1 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар 60 саастаах киһи харчытыттан мэлийбитин туһунан суруйбут. Киниэхэ билбэт киһитэ төлөпүөннээн инвестиция, актив сүбэһитэ буоларын, хайдах харчылаһыахха сөбүн, биржаҕа атыы-тутуу туһунан кэпсээбит. Ол киһи сүбэтинэн, ыйыытынан-кэрдиитинэн, эмсэҕэлээччи «Terminal» сыһыарыыны туруоруммут уонна электроннай кумааһынньыгы толорорго харчытын ыыппыт. Салгыы харчы эргиирин улаатыннараары, өссө хаста да төхтүрүйэн ыыппыт. Үлэлээбит харчытын ылаары гыммытыгар, түөкүттэр ону ыларга үһүс сирэй наада диэн ирдээбиттэр. Маныаха эмсэҕэлээччи бэйэтин аймаҕын этэн биэрбит. Ол эрээри, бу аймаҕа кинилэр киритиэрийдэригэр эппиэттээбэтинэн, бу киһи «инвестиционнай счетун» хааччахтаан кэбиспиттэр. Ол хааччаҕы туоратарыгар түөкүттэр өссө элбэх харчыны көрдөөн турбуттар. Биэнсийэлээх киһи ону хантан ылыай? Ыксаан кыыһыгар кэпсээбитигэр, кыыһа түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбитин эппит.

ИДьМ Саха сиринээҕи салаата дьону-сэргэни түөкүттэртэн сэрэхтээх буолалларыгар ыҥырар. Төлөпүөнүнэн билбэт дьоҥҥутун кытары кэпсэтимэҥ, билбэт киһигит төлөпүөнүнэн соруйарын толорумаҥ, ыксаамаҥ-ыгылыйымаҥ. Кирэдьииттэ ылыҥ диэн туруорсар, ыгар-түүрэр буоллахтарына, саарбах дьон төлөпүөннээтэхтэринэ кэпсэтимэҥ диэн сүбэлииллэр.

СӨ ИДьМ пресс-сулууспатын саайтыттан

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: