Уйулҕа билимин Чолбон сулуһа

Share

1992 сыллаахха  СГУ  саха тылын уонна култууратын факультетын иһинэн Уйулҕа хаапыдырата аһыллыбыта.

Маныаха учуонай Анастасия Оконешникова улахан оруоллаах. Саха омугу сайыннарар аналлаах факультет иһигэр төрөөбүтэ  уйулҕа хаапыдырата. Онтон күүһүн-уоҕун ылан уйулҕа салаата арыллыбыта (1996), салгыы силигэ ситэн, кыаҕыран туһунан аны уйулҕа факультета буолан ньиргийбитэ (2002). Ол кэмҥэ мин үрдүк үөрүүбүн «Саха сирэ» хаһыатыгар «Чолбон сулустуу сандаарыччы…» диэн ыстатыйанан үллэстибитим. Үөрэх кыһата онтон салгыы  уйулҕа үнүстүүтэ буола үүммүтэ. Анастасия Петровна үтүөтүнэн  Саха сиригэр уйулҕа үөрэҕэ, билимэ олоҥхо Аал-Луук маһын кэриэтэ сэриэдийэ үүммүтэ, чэлгийэ сайдыбыта, бөҕөргөөбүтэ.  Бу барыта Анастасия Петровна өркөн  өйүттэн, тыыннаах толкуйуттан төрөөн, ирдэбилгэ сөп түбэһэн, Арассыыйа уһук Хоту дойдутугар уйулҕа үнүстүтүүтэ күн сирин көрөн, Сахатын сиригэр  үйэлэргэ сүппэт сүдү бэлэҕи хаалларбыта. Факультет үлэтэ күөстүү оргуйбута Москуба, Петербург курдук сүдү уйулҕа билимин  үрдүк үөрэх кыһаларын кытта ыкса сомоҕолоһон үлэлээбитэ.

Саха омук дьолугар төрөөбүт Анастасия  Оконешникова Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Чурапчы Мугудайыгар күн сирин көрөн, олох ыараханын этинэн-хаанынан  билбитэ. Кыра кыыс үөрэххэ тардыһыылааҕа биллэн, оскуоланы бүтэрээт, соҕуруу Пермь куоракка үрдүк үөрэх  кыһатыгар идэ ыла тиийэн баран, Вольф Мерлин учуонайга, билим уйулҕатын дуоктарыгар уйулҕа үөрэҕин чиҥэтэн үөрэппитэ, чинчийэн кандидатскайын, салгыы Москубатааҕы судаарыстыбаннай университетка докторскай истиэпэнин ситиһиилээхтик көмүскээбитэ.

Анастасия Петровнаны кытта мин бииргэ  үлэлээһиммин, алтыһыыбын Дьылҕам бэлэҕэ диэн саныыбын. Үлэни өрө тутан, кэлэктииби биир халыыпка кутан сомоҕолуур уонна хамсатар күүстээх салайааччы далбар этэ.

1992 сыллаахха Оконешникова А.П. «Эркээйи» программатын   таҥсыбыт буолан, оҕо иитиигэр суолта биэрэрэ,  бэрт сылаас сыһыаннаах этэ. Анастасия Петровна үөрэнээччиттэн саҕалаан, устудьуоҥҥа тиийэ иитии үлэҕэ болҕомтотун уурара. Устудьуон кыһалҕатын дэбигистик быһаарсара, эдэр ыччат кинини олус сөбүлүүрэ. Үүрдүк үөрэх кыһатыгар  ыччаты иитии үлэтэ барыахтаах диирэ.

  • Айар тыл аҕата, аан маҥнайгы Саха сирин үрдүнэн биллибит саха ырыаhыта – хоhоонньута, чинчийээччитэ Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй үйэлэр тухары өлбөт-сүппэт сүдү  айымньылара миигин Анастасия Петровналыын өрүү ситимниирэ.
  • А.Е.Кулаковскай айымньыларыгар уйулҕа тутулун уонна туругун уратыларын көстүүтэ диэн уйулҕа үнүстүүтүн сотрудниктарын кыттыгас  монографияны  таһаартарбыта (2008).
  • Москубаҕа 2012 cыллаахха Саха сирин ыытыллар күннэригэр Аан дойдутааҕы научнай конференция  А.Е.Кулаковскай «Саха интеллигенциятыгар сурук» диэн үлэтэ 100 сааһын  туолуутугар анаммыта. А.Е.Кулаковскай аатынан киин дириэктэрэ, сиэнэ Людмила Реасовна Кулаковская сүдү хамсааһыны оҥорон Арассыыйа учуонайдара, Бырабыыталыстыба салайааччылара кыттыыны ылбыттара.
  • Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Опера уонна Балет тыйаатырыгар Ийэ тыл күнүгэр аналлаах «Ийэ тылым — көтөр кынатым» диэн тэрээһиҥҥэ уйулҕа үнүстүтүүтүн устудьуоннара А.Е.Кулаковскай айымньыларынан театрализованнай көрдөрүү оҥорбуттара, Ректорскай көрүү күрэҕэр «Ойуун түүлэ» патриотическай дьүһүйүүнү көрдөрбүппүт. Сахалыы таҥастары, Дьобуруопа адьырҕата Ньармаандьыйа  кителин, фуражкатын, аптамаатын тиийэ булан, улахан номинацияҕа тиксибиппит. Хас биирдии ситиһиититтэн Анастасия Петровна үөрэн сандаарара.
  • Сайын саха-французскай этнографическай эспэдииссийэҕэ  10-ча сыл устата Саха сирин араас муннуктарыгар сылдьарбар Анастасия Петровна өрүү «Инниҥ хоту баран ис» диирэ кулгаахпар иһиллэргэ дылы.
  • 2007 сыллаахха маҥнайгы Граҥҥа саха тылын уонна култууратын пакылтыатын кытта  кыттан Олоҥхо  судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа бигэргэтиллибит кэмигэр кыттыыны ылбыппыт. Олоҥхоҕо аартык арыйарга тыл билимин дуоктара, бэрэппиэссэр Василий Илларионов сүбэтэ-амата сүҥкэн. «Олоҥхо кэскилэ – кэнчээри ыччакка» диэн ааттаах маҥнайгы оҕо республиканскай научно-практическай кэмпириэнсийэни ыытыыга уйулҕа үнүстүүтүн сайыннарар уонна чопчулуур хаапыдыра тэрээһининэн сэбиэдиссэйэ Валентина Егорова салайыытынан Арчы духуобунай кииҥҥэ   ыыппыппыт. Кэмпириэнсийэ кэнньэ хомуурунньук күн сирин көрбүтүгэр Анастасия Петровна презентацияҕа киһи иккистээн хатылаабат тылларын этэн алҕаабыта.
  • Анастасия Петровна кэллиэгэлэрэ ханна кытталларын, тугунан дьарыктаналларын кэрэхсиирэ. Кэрэҕэ тардыһар психолог быһыытынан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Мисс Якутия», «Миссис Якутия», «Мистер Якутияҕа» күрэхтэргэ уонча сыл үлэлээн «Мисс Психеяны» үнүстүтүүккэ сыллата ыытыыны  устудьуоннар сэҥээрэллэрэ.
  • Волонтерскай үлэ билигин уһулуччу биллэр, сырдатыллар буолла. Уйулҕа үнүстүүтэ идэтинэн даҕаны ыарахан туруктаах дьон сытар тэрилтэлэригэр көмөлөһөр аналлаах. Ол курдук иитии үлэ чэрчитинэн Капитоновкатааҕы  кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэригэр устудьуоннар психологическай көмөнү таһынан  өрөмүөҥҥэ, оҕуруокка тиийэ көмөлөһөллөрө.
  • Төрөөбүт Чурапчытыгар спорт үнүстүүтүн тэрийбитэ бу саха успуорда сайдарыгар улахан төһүү буолла.

Анастасия Петровна сүрэҕэ-быара сытара норуота сайдарыгар. Билигин кини туйаҕын хатаран өр сылга бииргэ үлэлээбит кэллиэгэтэ,  уйулҕа билимин учуонайа Аида Егорова уйулҕа үнүстүтүүтүн сайыннарар. Анастасия Петровна төһө да биһиги кэккэбитигэр суох да буоллар, өрүү тыыннаах үлэтинэн, билиминэн, саханы сайыннарыытынан, аатын үйэтитэн уйулҕа үнүстүүтүгэр билим кэмпириэнсийэтэ ыытыллыбыта, мусуой-кэбиниэт үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыллыбыта. Аны кин  туһунан кинигэ тахсыахтаах. Кэллиэгэтэ Ирина Саввина  дойдутун дьонун кытта ситимниир үлэни ыытар.

            «Сүдү саха сүппэт» диилэригэр итэҕэйэбин. Билигин бу хамсык ыарыы кэмигэр, сэрии саллааттарыгар, ускул-тэскил олохтоммут дьоҥҥо, аһыы утахха, наркотикка суутуллубут сахаларга психология үөрэҕэ олус да наадалаах буолла. 21-с үйэҕэ олох ирдэбилинэн тэрилтэлэргэ уйулҕаһыт  көрүллэр буолла. Анастасия  Оконешникова кыраҕы хараҕынан анааран инникибитин өтө көрбүт эбит Кини тэрийэн хаалларбыт уйулҕа идэтин араас хайысхалара норуотугар туһалаах да буолла. Чолбон сулустуу сандаардар  сырдыктык суолбутун, алгыстыыр аартыкпытын, уйулҕабыт уоскутар уратытык…

 Тамара ЕГОРОВА,

СӨ үөрэҕириитин туйгуна,

удьуор учуутал,

Дьокуускай к.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уһук Илиҥҥэ баҕа өттүнэн бастыҥ баһаарынай сулууспатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи тиэхиньикум хамаандата ааттанна

Алтынньы 30 күнүгэр РФ Гражданскай оборуонаҕа министиэристибэтин Приморскай кыраай сүрүн управлениетын бирикээһинэн Владивосток куоракка ыытыллыбыт…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүҥҥүттэн Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри салгын олбохтоох суудуналарынан таһыы тарыыба 3000 солк. буолла

Сэтинньи 1 күнүттэн Дьокуускай-Аллараа Бэстээх маршрутунан салгын олбохтоох суудуналарынан таһыы тарыыба 3000 солк. буолар. Бу…

22 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэтинньи – Байанай ыйа

Кыһыҥҥы ыйбытыгар үктэннибит. Былыр өбүгэлэрбит айылҕаҕа чугас буолан, күнү-дьылы кэтээн көрүүлэрэ күүстээҕэ, олоҕу кытары ситимнээҕэ.…

37 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

2025 сылга хамнас муҥутуур алын кээмэйэ үрдүөҕэ

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас муҥутуур алын кээмэйин 22 440 солк. аныырга…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 1–8 күннэрэ)

ХОЙ Айар эйгэлээх хойдорго үтүө кэм. Атын омук тылын үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга сөптөөх кэм үүммүт.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хоту улуустарынан -40°С кыраадыска диэри тымныйар

Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүгэр үгүс оройуоннарынан хаар түһэрэ күүтүллэр. Хотугулуу-илин өттүгэр сөҥүүтэ суох. Кыра…

2 часа ago